Салгыы
Барыанньа киһи доруобуйатыгар туһалаах дуо?

Барыанньа киһи доруобуйатыгар туһалаах дуо?

Ааптар:
17.10.2024, 14:41
Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимиттэн
Бөлөххө киир:

Элбэх киһи билэринэн, саахары кытта ньыһыллыбыт сибиэһэй фрукта уонна отон олус элбэх битэмииннээх. Ол эрэн, саахар киһи доруобуйатын айгыратар, кырытыннарар хаачыстыбалаах. «Чахчы барыанньа киһи доруобуйатыгар туһалаах эбэтэр буортулаах дуо?», – диэн эспиэрдэр санааларын үллэстэллэр.

Билигин маннык отону уонна фруктаны соҕотуопкалааһын үгэскэ кубулуйан, үчүгэй амтаннааҕынан эрэ буолбакка, бородууктаны сибиэһэйдии хаһаанарга көдьүүстээх уонна түргэн ньыманан ааҕыллар. Манна биири өйдүөх тустааххыт – барыанньаны сибиэһэйдии, оргуппакка эрэ барыанньалыыр ордук битэмииннээх буолар диэн эспиэрдэр сүбэлииллэр.

Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимиттэн

Итии уокка оргутуллубатах барыанньаҕа ордук элбэх битэмиинэ оннунан хаалар. Итиннэ үксүгэр саахары буолбакка, сибиэһэй ньыһыллыбыт отоҥҥо эбэтэр фруктаҕа  ыҥырыа мүөтүн  куталлар. Сорох түгэҥҥэ барыанньаны стевия үүнээйини кытта булкуйан оҥороллор.

Стевия бороһуок билигин эмтиэкэҕэ дэлэйдик атыыланар уонна саахары солбуйар аналлаах. Холобур, 300 гр клубникалаах бааҥкаҕа 100 мл уу уонна 4 чааһынай луоска стевия бороһуогун куталлар. Барыанньаны 30 мүнүүтэ оргутаҕыт уонна бааҥкаларынан кутаҕыт. Бэлэм барыанньаны  холодильникка харайыллар. Маны таһынан барыанньаҕа эбии тума куталлар. Холобур, имбирь, куркума эбэтэр корица барыанньа амтанын тупсарыан сөп, ону кытта доруобуйаҕа олус туһалаах буолар. Имбирь сүһүрүүнү утары туһаналлар, корица киһи хааныгар саахары аҕыйатар, оттон куркума олус элбэх туһалаах битэмииннээх. Исписэлиистэр маннык  барыанньа ураты амтаннааҕын таһынан, олус туһалаах буоларын кэпсииллэр.

+1
17
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3
+1
8
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: