Барыһы батыһар кафелар…

Барыһы батыһар кафелар…

15.12.2024, 14:00
Хаартыска: СИА архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан, монголия куукуналара былааһы ыллылар.

Дьиэҕэ тиэрдэн биэрэр  суши, пицца, манты о.д.а. араас аһылык көрүҥэ элбэх. Аһылык ханна, хайдах буспутун бэрэбиэркэлээбэккэ, социальнай ситимҥэ тахсар рекламанан сирдэтэн дьон хото атыылаһар, сакаастыыр буолла. Маны таһынан, уопсастыбаннай аһыыр сирдэр эмиэ элбээн иһэллэр. Ол эрээри бу аһыыр сирдэр дьон доруобуйатын иннигэр улахан эппиэтинэһи сүгэллэрин ардыгар умналлар. Аҥаардас барыһы батыһан үлэһиттэрин доруобуйатын бэрэбиэркэлээбэттэр, санитарнай дезинфекция үлэтин ыыппаттар.

Сүһүрүүгэ тиэрдии

Хомойуох иһин, сыллата кирдээх кафелар, остолобуойдар буруйдарынан дьон сүһүрүүлээх  да быһылааннар тахсаллар. Ол курдук, ааспыт сайын Дьокуускай куорат “Качели” атыы-эргиэн киинигэр баар кафеҕа оҕолор шаурма сиэн сүһүрэн балыыһаҕа киирбиттэрэ. Бу күннэргэ Москва куорат биир биллэр “Моремания” ситим эрэс­тэрээннэриттэн биирдэстэрин үлэтин икки ыйга тохтоппуттар, санитарнай өттүнэн нуор­маны тутуспатахтар. Буорту буолбут балыгы уонна сиэниллэр болдьоҕо ааспыт балык искэҕин хаһаана сытыарбыттар. Ону таһынан, эрэстэрээн  холодильнигар болдьоҕо ыйыллыбатах бородуукта элбэҕэ дьиксиннэрбит. Сүһүрүү буол­лаҕына, тустаах аһыыр сир ыстарааптанар, үлэтэ тохтуур. Оттон доруобуйата эмсэҕэлээбит киһи ситэри эмтэммэтэҕинэ ыарыытын баалатыан сөп.

Шаурма атыылыыр чуолҕаннар

Ааспыт сайын от ыйыгар уопсастыбаннай аһыыр түөрт сир сабыллыбыта. Өрөс­пүүбүлүкэ Роспот­ребнадзора иһитиннэрбитинэн, былааннамматах бэрэбиэркэ түмүгэр санитарнай-эпидемиологическай өттүнэн үлэлэригэр кэһиллиилээх кафелар булуллубуттара. Ол курдук, “Султан”,  “Салам пополам”, “Кебаб” уонна “Ла­ваш” диэн кафе-чуолҕаннар үлэлэрэ 90 күҥҥэ тохтообута.  Бу аһыыр сирдэргэ ас астыыр усулуобуйа суоҕа уонна ырааһы тутуһууга кэһиллиилэр бааллара биллибитэ. Аһы сөптөөхтүк хаһааныы тутуһуллубатах. Санаан көрүҥ, сайын, итиигэ, үөн-көйүүр барыта тиллэр кэмигэр ырааһы тутуспат буолууттан сылтаан төһөлөөх дьон эмсэҕэлиэн сөбүй. Маннык чуол­ҕаннарга ханна да илии суунар сир суох. Асчыттар сонно итиилии буһаран эбэтэр суулуу охсон биэрэр астара ханна, хайдах бэлэмнэммитигэр тоҕо эрэ атыылаһааччылар да болҕомто уурбаттар.

Таракааннаах остолобуойга…

Оттон бу соторутааҕыта Дьокуускай куорат 10-c №-дээх оскуолатыгар остолобуойга таракааннар сүүрэ сылдьар видеолара киэҥник тарҕанна. Төрөппүт кэмитиэтэ  социаль­най ситимҥэ ай­­даан таһаарбыта. Оҕолор таракааннары көрөн аймаммыттарыгар, остолобуой асчыта кыһамматах, хата: “Сүүрэр буол­лахтарына сүүрдүннэр”, – диэбит. Таракаан киртэн-хохтон үөскүүр, араас ыарыыны тарҕатар диэн төрөппүттэр айманаллар. Бу дьыаланы таах хаалларбакка, төрөппүттэр оскуола дириэктэригэр үҥсүбүттэр. Дезинфекция остолобуой­га хаһан оҥоһуллубут аакталарын, докумуоннарын көрбүттэр, бэрэбиэркэлээбиттэр. Кумааҕыга суруллубутунан, дезинфекция кэмигэр оҥоһуллар эбит.

Балаһыанньа хайдах бы­-һаа­рыллыбытын билээри, оскуо­лаҕа сибээскэ таҕыс­тыбыт. Дириэктэр Надежда Александровна Шилова:

– Биһиги оскуолабыт Дьокуускай куорат улахан оскуолаларыттан биирдэстэрэ буолар. Оскуолаҕа  1739 оҕо үөрэнэр. Урукку өттүгэр оскуо­лабыт туһунан маннык ай­­даан тахсыбытын өйдөөбөппүн. Бу ааспыт күһүн, алтынньыга Үөрэх министиэристибэтэ уонна Роспотребнадзор кэлэн остолобуойбутун барытын бэрэбиэр­кэлээбиттэрэ, туох да итэҕэһи-быһаҕаһы булбатахтара. Оҕолор аһыыр сирдэрэ буолан, уруккуттан бары санитарнай ирдэбили тутуһан үлэлээн кэллибит. Социальнай ситимҥэ тарҕаммыт видеот­тан, биллэн турар, санаабыт түстэ. Оҕолор аһыыр астарын  “Роса” ХЭТ бэлэмниир. Билигин үгүс оскуолалар куонкуруһунан кыайбыт тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсэн үлэлээн олороллор. Остолобуойга хаһан даҕаны сүүрэ сылдьар таракааннары көрбөтөхпүт. Оскуолабытыгар дезинфекция үлэтэ өрүү кэмигэр ыытыллар. Ааспыт нэдиэ­лэни быһа санитарнай суу­йуу-сотуу үлэлэрин оҥордубут. Биһигини борокуратуура, бары тус­таах тэрилтэлэр бэрэбиэр­кэлээтилэр. Остолобуойбут тара­каан үөскүүр кирдээх усулуобу­йалаах курдук социальнай ситимнэргэ суруйбуттар. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Таракаан ханнык баҕарар ыалга баар буолуон сөп. Оҕолору да кытта кэлсиэн сөп.

Оскуолабытыгар үгүс үчүгэй тэрээһиннэр ыытыллаллар. Куһаҕан сурах тарҕанаатын кытта биһиэхэ олус элбэхтэ эрийдилэр. Тэрээһиннэрбитин эмиэ сырдатыҥ диэн санаабын тиэр­диэм этэ…

Мариянна Слепцова, Дьокуускай:

– Билигин дьон үксэ харчы киллэрэ сатаан ас астаан атыылыыр. Оннооҕор олорор дьиэбит подъеһыгар бэрэски, блины буһаран, собо ыһаарылаан атыылыыллар.  Дьон ону атыылаһар. Дьиҥэр, маннык атыылыыр дьон эмиэ санитарнай ыспыраапкалаах буолуохтаахтар.

Петр Герасимов, Дьокуускай:

– Ити кэлии омуктар арыйар кафеларын харса суох нэдиэлэ ахсын бэрэбиэркэлиэхтэрин наада. Араас үлэһиттэр кирдээх илиилэринэн астаабыт астарын олох аһаамаҥ диэн оҕолорбун эмиэ өрүү сэрэтэбин.

Анастасия Семенова, Дьокуускай:

– Билигин оскуолаларга ити тендеринэн кыайбыт тэрилтэлэргэ оҕолорбут астарын итэҕэйэбит. Дьиҥэ, хас биирдии оскуо­ла ыстаакка тутар үлэһиттэрдээх остолобуойдаах буолуох­таах. Тендеринэн үлэлиир тэрилтэ син биир барыһын саныыр буоллаҕа. Алын сүһүөх кылаас оҕолорун босхо аһылыктара наһаа мөлтөх дии.  Сиэним кэпсээниттэн иһиттэххэ, куруук моко­руон эбэтэр сосискалаах ириис. Ама маннык аһылык баар үһү дуо, ол кэриэтин төрүт да босхо аһаппатыннар диэм этэ. Маннык аһылыгы аһаан доруобай көлүөнэ үүнэн тахсыбата чахчы. Оҕо аһылыга хаачыстыбалаах, битэмииннээх буолуохтаах.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
4
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: