Барыласка кыһыҥҥы суол аһылынна
09.01.2025, 17:30
И.Стручков ыытта
Бөлөххө киир:
Кыһыҥҥы суол аһыллыыта диэн хоту дойду олохтоохторугар олус кэтэһиилээх. Ол курдук, Дьааҥы улууһун Барылас нэһилиэгэр (баһылык И.В.Стручков) кыһыҥҥы суоллара Саҥа дьылы көрсө аһыллыбыт.
Суолу “Полиметалл” тэрилтэ оҥорбут. Холобура, Тополинайтан Барыласка диэри – 360 км. Онон суол үлэһиттэрэ күүскэ үлэлээтэхтэрэ.
Ону тэҥэ ыраах нэһилиэккэ Саҥа дьыл бырааһынньыктара эмиэ этэҥҥэ ааспыттар. Бырааһынньыкка оҕолору уонна улахан дьону үөрдээри Игорь Слепцов Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри бу суолунан тиэрдибит уонна төннөрүгэр куоракка баһыылкалары хомуйан аҕалбыт.
Хаартыскалары: И.Стручков ыытта
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: