Бүгүҥҥүттэн Саха сиригэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа барыллаан куоластааһын саҕаланна. Хас биирдии киһи ыам ыйын 28 күнүгэр диэри бу тэрээһиҥҥэ кыттыан сөп. Барыллаан куоластааһын хаамыытын түмүгүнэн күһүҥҥү быыбарга баартыйа ханнык хандьыдааты туруорара чуолкайданыаҕа.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» — хандьыдааттары талыыга дьон санаатыгар олоҕурар дойдуга соҕотох баартыйа. Онон күһүҥҥү быыбарга баартыйаттан көрүллэр миэстэҕэ нэһилиэнньэ үгүс өйөбүлүн ылбыт хандьыдаат тиксиэҕэ.
— Маннык көдьүүстээх сыһыаны баартыйа 14 сыл туттан кэллэ. Барыллаан куоластааһын түмүгүнэн “Биир ньыгыл Арассыыйа” чилиэнэ эрэ буолбакка, баартыйата да суох киһини хандьыдаатынан туруоруохпутун син. Саамай сүрүнэ, ол киһи кэм туруорар суолталаах соруктарын бииргэ быһаарарга бэлэм буолуон наада, — диэн эттэ “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Саха сиринээҕи салаатын эрэгийиэннээҕи ситэриилээх кэмитиэтин салайааччы Руслан Платонов.
Барыллаан куоластааһын аһаҕас киэбинэн барыаҕа – онно ханнык баҕарар баартыйа чилиэнэ эбэтэр баартыйата суох киһи кыттыан сөп. Оттон куоластааһыҥҥа быыбар ыытыллыахтаах эрэгийиэнин ханнык баҕарар олохтооҕо кыттар.
Ким хандьыдаатынан регистрацияламмытый?
“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа барыллаан куоластааһыныгар СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) уонна Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарыгар 500 уопсастыбанньык, миэдик, волонтер, бырамыысаланнас бэрэстэбиитэлэ, урбаанньыт, быстах кэмҥэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна дьоруойа хандьыдаатынан турарга быһаарыы ылыммыт.
Докумуоннарын биэрбит дьоннор истэригэр үлэлии сылдьар бэлиитиктэр эмиэ бааллар.
Быйылгы барыллаан куоластааһын сонун көстүүтэ – бу тустаах тэрээһиҥҥэ ыччат болҕомтотун туһаайда уонна кэрэ аҥаардар көхтөөхтүк регистрацияны аастылар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэттэн 114 кэрэ аҥаар Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) уонна Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарыгар бэйэтин хандьыыдаатынан туруорунарга сананна.
— Араас идэлээх уонна саастаах дьон бэйэлэрин хандьыыдаатынан туруоруммуттар. Ол курдук, саамай эдэр кыттааччы 22 саастаах, саастаах киһи – 78-һа. Барыллаан куоластааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан уонна Дьокуускай куорат бары уокуруктарыттан кыттыахтара. Ортотунан, куонкурус олус үрдүк: биир мандаакка – биэс киһи, — диэн бэлиэтиир Руслан Платонов.
Саха сирэ Уһук Илин уокуругар «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа барыллаан куоластааһыныгар куорат Дууматыгар (манна конкуренция үрдүк) хандьыдаат быһыытынан кыттыыга киирбит сайаапка ахсаанынан – бастакы, Арассыыйа эрэгийэннэригэр – иккис буолбутун бэлиэтиир тоҕоостоох.
Хайдах куоластыахха?
Хандьыдааттарга куоластааһын PG.ER.RU саайтка ыам ыйын 22-28 күннэригэр электроннай пуорманан барар. Быыбардааччы быһыытынан ыам ыйын 26 күнүгэр диэри бу порталга регистрацияланыахха сөп. Ол инниттэн PG.ER.RU саайтка «Госуслуга» нөҥүө верификацияны ааһыахха наада.
Алгоритма маннык:
1. PG.ER.RU саайтка киирэҕин уонна «Куоластааһыны саҕалаа» кунуопканы баттыыгын.
2. Систиэмэҕэ киирии ньыматын талаҕын. Төлөпүөҥҥэр кэлбит СМС-пароль көмөтүнэн киирэҕин.
3. Куоластааһын бүлүтүөнүн талан баран, куоласкын биэрэр хандьыдааккын бэлиэтиигин уонна «Талбыт киһигин бигэргэт» диэн кунуопканы баттыыгын.
4. Графаны сөпкө толорбуккун билэн баран, «Зашифровкалаан баран бүлүтүөҥҥүн ыыт” кунуопканы баттыыгын.
Бэҕэһээ Айсен Николаев уоппускатыгар дьиэтигэр кэлбит «Чех» диэн позывнойдаах байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытта көрүстэ диэн…
Соторутааҕыта социальнай ситимнэринэн тарҕаммыт видеоттан эбэ аттыгар баар нэһилиэктэр эрэ буолбакка, Ньидьили соботун сөбүлээн сиир…
Киин куорат саҥа маршрутнай ситимин бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрии чэрчитинэн, оптуобус 10 маршрутунан – 2-с,…
Дистанционнай түөкүттэр хабаларыгар киирии түбэлтэтэ күннэтэ тахса турар. Ол курдук, бу күннэргэ Дьокуускай полициятын дьуһуурунай…
РФ Бырабыыталыстыбата 2024 сыл сэтинньи 13 күнүнээҕи 1534 №-дээх уурааҕынан байыаннай дьайыыга сылдьан бойобуой эчэйиини…
Бэйэ экэниэмикэтин өрө турар эргэ саҥа салайааччы Кытайы кырыы хараҕынан көрөр. Биһигини да бэккиһээбэтэ чахчы.