Барыта бэйэмсэх буолууттан

Share

Киһи олорорун тухары үөрэнэр дииллэр. Ол эрээри ити үөрэх билии эрэ ыларга буолбакка, киһилии, сиэрдээх буолууга быһаччы сыһыаннаах. Оҕолорбут тоҕо наһаа кырыктаахтарый, аһыныгас санаалара суоҕуй диэн муҥатыйабыт, сөҕөбүт уонна төрөппүттэрин буруйдуубут. Суолга суолу биэрбэтэх суоппар, оптуобуска симсии, маҕаһыыҥҥа уочарат… Бэйэ-бэйэҕэ тулуура суох буолууттан айдаан араллааннаах олох салҕанар…

Уопсастыба дьайыытын содула дуо?

Аныгы уопсастыбаҕа билигин стресс диэн тыл элбэхтик туттуллар. Күннээҕи олохпутугар хастыы даҕаны стреһи көрсүөххэ сөп. Уопсастыбаннай тырааныспартан саҕалаан маҕаһыыҥҥа, үөрэххэ, үлэҕэ, уулуссаҕа онтон да атын сирдэргэ олус кыраттан саҕаланар бөрүкүтэ суох  балаһыанньалар буолаллар. Стресс диэн киһиэхэ сөп түбэспэт, ис эйгэтин ыһар балаһыанньаҕа киһи өй-санаа өттүнэн баттатыыта, ис туругун ыһыллыыта буолар. Хомойуох иһин, билиҥҥи уопсастыбаҕа киһи ис туругун ыһар балаһыанньа үгүс. Ол эрээри стресскэ бэринимтиэ уонна бэринимтиэтэ суох дьон эмиэ бааллар. Уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, элбэх саҥата-иҥэтэ суох чуумпу дьон стресскэ, омос көрдөххө, бэринимитиэтэ суох курдуктар эрээри, кинилэр ис санааларын сатаан таска таһаарбат буолан, барытын истэригэр туталлар, сөҥөрдөллөр. Оттон саҥалаах-иҥэлээх, кэпсэтинньэҥ дьон сонно тута хомойуохтара, ытыахтарын да сөп, ол эрээри барытын таска таһааран начаас аһардан кэбиһэллэр эбит. Туох баар кырыктаах сыһыан дьон стресскэ сылдьар туруктарыттан тахсар эбит. Оннук киһи күлбэт-үөрбэт, маҕаһыыҥҥа уочаракка туран киҥир-хаҥыр саҥарсыан сөп, эр дьон ити майгыларын сатаан салайбатахтарына, кыраттан охсуһан да туруохтарын сөп эбит. Ис эйгэ ыһыллыыта сиэр-майгы кэһиллиитигэр тиэрдэр.

Уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, улахан тыастан-уустан, элбэх дьонтон кыйаханыы, кыыһыран-тымтан туруу — сылайыы бэлиэтэ.

Шиномонтажка тахсыбыт быһылаан

“Строительнай” ырыынак оройуонугар баар “Golden Tires” шиномонтажка 45 саастаах эр киһини үлэһиттэр кырбаабыттарын туһунан социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕанна. Ол курдук, алтынньы 22 күнүгэр эмсэҕэлээччи массыынатын көлүөһэтин уларыттара кэлбит. Тыл-тылга киирсибэккэ, үлэһит уонна көлүөһэ уларыттарааччы кыыһырсан турбуттар. Ол түмүгэр киһи эчэйиилээх быһылаан тахсыбыт. Эмсэҕэлээччи суһал мэдиссиинэ көмөтүн уонна полициялары ыҥырбыт. Айдаан туохтан тахсыбытын быһаараары шиномонтаж иһигэр баар видеокамераны көрбүттэр. Онно көстүбүтүнэн, эмсэҕэлээччи үлэһит уолу таһырдьа ыҥыран таһаарар. Айдаан араллаана улахан тыастан тахсыбыт. Көлүөһэ уларыттарааччы үлэ күөстүү оргуйа турдаҕына киирбит уонна үлэһиттэр саҥалара иһиллибэтиттэн кыйахаммыт. Уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, улахан тыастан-уустан, элбэх дьонтон кыйаханыы, кыыһыран-тымтан туруу — сылайыы бэлиэтэ. Сылайбыт киһи ньиэрбэтэ сынньаммат. Ол иһин кыраттан да кыыһыра сылдьар буолар, онтун туора дьоҥҥо таһаарар. Социальнай ситим араас ханаала билигин барытыгар аһаҕас. Онон маннык быһыыны-майгыны оҕолорбут эмиэ аһаҕастык көрөллөр. Саастарын сиппит улахан дьон маннык сутуругунан быһаарсар, хаан тахсыар диэри охсуһар буоллахтарына, саҥа улаатан эрэр уолаттар өйдөрүгэр-санааларыгар эр киһи уопсастыбаннай миэстэҕэ маннык быһаарсыахтаах диэн кырыктаах өй-санаа олохсуйуон сөп. Дьон бэйэ-бэйэҕэ харыстабыла уонна убаастабыла суох быһыыта-майгыта араас иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөп.

Йогурт атыылаһаары…

Кырыктаах сыһыан маҕаһыыннарга уһун уочаракка өрүү тахсар. Үгүс дьон күн устата ылбыт стресстэрин бүтэр уһугар буруйа суох маҕаһыын атыыһытыгар эбэтэр уочаракка алҕас быһалыы киирбит киһиэхэ таһаараллар. Ити кинилэр бэйэлэрин сатаан хонтуруолламматтарыттан тахсар. Эдэр кыыс улахан маркет маҕаһыынтан йогурт атыылаһаары кассаҕа чугаһыыр. Биир устуука йогурт иһин уһун уочаракка турумаары инники турар эр киһиттэн көрдөһөр. Онуоха эр киһи кыыһы уочарата суох хаассаҕа аһардар. Ити кэмҥэ уочараттаан турбут дьон бары айдааран турбаттар дуо? Ол айдаарбыт дьонтон ордук чорбойон эдэр дьахтар йогурт атыыласпыт кыыска ынан тиийэр. Билбэт эр киһитигэр хаһыытыырын көрөн, чахчы даҕаны уопсастыбаҕа сиэр-майгы улаханнык доҕолоҥнообут диэн санаан аһарбытым. Дьону кытта эйэлээх сыһыаны олохтооһун култуурата олус намыһаҕа үүнэр көлүөнэҕэ дьайыыта улахан… Киһи стреһин дьону кытта кыыһырсан, охсуһан буолбакка, успуордунан, сөбүлүүр дьыалатынан дьарыктанан таһаарыахтаах.

Оонньуур былаһааккалары алдьаталлар

Бэйэ-бэйэҕэ убаастабыла суох сыһыан уопсастыбаннай эйгэҕэ үгүстүк көстөр. Ол курдук сылаас тохтобуллар, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр көрүдүөрдэрин киртитии, алдьатааһын, болкуоҥҥа туран табаҕы быраҕыы, бөҕү ыһыы күннэтэ көстөр. Ити көстүү салгыы оҕолор майгыларыгар эмиэ бэлиэтэнэр. Оҕо оонньуур былаһааккаларын кэлэн соруйан киртитэллэр, алдьатыы да үгүстүк көстөр. Кыра оҕолорго аналлаах карусель хачыалга уонча эрдэҕэс саастаах оҕолор тахсан хатааһылыы олороллорун көрөн алдьатар буоллулар диэн сэрэтэн көрбүтүм, онуоха оҕолор «ымыр» да гынан көрбөтөхтөрө, ол түмүгэр хачыал-карусель алдьанан, ким даҕаны хатааһылаабат буолбута. Төрөөбүт дойдуга таптал харыстабыллаах сыһыантан тахсар. Бэйэмсэх буолууттан уопсастыба эмсэҕэлиир. Эмсэҕэлээбит уопсастыбаҕа кырыктаах сыһыан баһыйар…

Дьон санаата

Ираида Баишева, Дьокуускай:

— Икки оҕолоох ийэбин. Уолаттарбын аһары сэмэй гына ииппиппин быһыылаах, хаһан даҕаны бастакынан аахса, айдаарса барбаттар. Биир өттүнэн эр киһиэхэ ити соччото суох хаачыстыба дии саныыбын. Аныгы үйэҕэ киһи бэйэтин көмүскэнэ үөрэниэхтээх быһыылаах.

Николай Михайлов, суоппар:

— Мин санаабар, ыарахан олохтоох киһи кырыктаах буолар. Куруук бэйэтин көмүскэнэ, бэйэтин быраабын туруорса үөрэммит буолан, оҕолорун эмиэ оннук иитиэн сөп. Ол эрээри ити уол оҕоҕо сыһыана суох. Уолу кыра сааһыттан бэйэтин көмүскэнэр, наада буоллаҕына охсуһар гына иитэргэ куһаҕаны көрбөппүн. Билиҥҥи уопсастыбаҕа дьон наһаа бэйэмсэх буолуутун бэлиэтии көрөбүн. Биирдэ эмит улуустан куоракка киирдэххэ, тута ити хартыына көстөр.

Наталья Никитина, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор:

— Билигин барыта аһаҕас буолла. Тэлэбиисэргэ, интэриниэккэ ким кимниин кыыһырсыбыта, этиспитэ-охсуспута барыта көстөр. Итинник олох аан бастаан «Дом‑2» биэрии Арассыыйа ханаалыгар көстүбүтүттэн саҕаланна быһыылааҕа. Дьон олоҕун ис дьиҥин аһаҕастык көрдөрөллөрө бастаан интэриэс бөҕө тартаҕа дии. Ол кэннэ араас ток-шоулар, биэриилэр дэлэйэн испиттэрэ. Ол эйгэҕэ улааппыт оҕолорбут туохтан кыбыстыахтарай. Кыбыстара суох киһи сиэр-майгы өттүнэн эмиэ сатарыйар. Киһилии сиэрдээх көлүөнэни иитиэхпитин баҕарар буоллахпытына, социальнай ситими оҕолорго хааччахтыахха наада. Үөрэх да киһилии үөрэтиллибэт, олохторо барыта төлөпүөн тула эргийэр. Ама оннук олох баар үһү дуо?

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
1

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

7 часов ago