Барыта фронт, барыта Кыайыы туһугар!

Share

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сиригэр, сут-кураан, хоргуйуу-өлүү сатыылаабыт, ыар олох, ыар кыһалҕа ыга баттаабыт тыылга сибэтиэй аҕа көлүөнэ дьоммут: хос эһээлэрбит, эһээлэрбит, хос эбээлэрбит, эбээлэрбит, ийэлэрбит, аҕаларбыт барахсаттар булгуруйбат модун санааларын күүһүнэн, көҥүл, эйэлээх олох туһугар бэйэни харыстаммат үлэлэринэн өһөстөөх өстөөҕү үлтүрүтүһэн чугаһатыспыт, ситиспит Улуу Кыайыыларын өрөгөйдөөх 80 сылынан кинилэр күндү ааттарын өссө ааттыаҕыҥ, сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйүөҕүҥ!

Кыаҕы таһынан, эстэн-быстан туран…

Саха сирин олохтоохторо сут-кураан кэмигэр хоргу­йан, ыалдьан суорума суолламмыттарын, сэрии ыар дьылларыгар киһиттэн эрэ ордук үлэлээн сыккырыыр тыыннара эрэ хаалбытын туһунан аҕам, устуорук-учуонай Дмитрий Дмитриевич Петров 1965 сыллаахха таһаарбыт “Во имя Победы” кинигэтин уонна “Якутия в годы Великой Отечественной войны” монографиятын иккис чааһын аахпакка эрэ, киһи толору өйдөбүл ылар кыаҕа суох.

Петров оччотооҕу олус сэрэхтээх национальнай боппуруоһу тумна сатаан, оччотооҕу сахалар хайдах олорбуттарын дьиҥ-чахчытын көрдөрөөрү, бэйэтин үлэтигэр Саха сирин үс бөлөххө араарар: куорат олохтоохторо (бу бөлөххө куораттары, бырамыысыланнай оро­йуоннары киллэрэр), хотугу уонна соҕурууҥҥу оройуоннар. Итинник наардааһын түмүгэр соҕурууҥҥу оройуон диэн 34 тыһыынча чэгиэн-чэбдик уолаттарын сэриигэ атаарбыт сахалар уутуйан олорор түөлбэлэрин түмэн ааттыыр. Ол түмүгэр учуонай сахалар ыар олохторун, омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы боппуруоһун таарыйбакка эрэ дьэҥкэтик көрдөрөр кыахтанар.

Демография

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларынааҕы Саха сирин демографическай туругун аҕам бэлиэтээһиннэриттэн билиэх­хэ сөп. Хас биирдии улуус киһитин ахсаанын, төһө киһи сэриигэ, үлэ фронугар барбытын, тыылга төһө киһи ыалдьан өлбүтүн көрдөрөр уопсай чахчыларга тохтоон ааһыаххайыҥ.

Бу сыыппаралар кэрэһи­лииллэринэн, соҕурууҥҥу оро­йуоннар олохтоохторо, Ийэ дойдутун көмүскүү барбыт 33723 (бу испииһэккэ Садын оройуона киирбэтэх) ыччатынааҕар быдан элбэх – 46263 киһи (нэһилиэнньэ уопсай ахсааныттан ыллахха 21,5 %) сэрии сылларыгар “ыалдьан” өлбүт. Архыып доку­муона көрдөрөрүнэн, 1945 сыллаахха холкуостарга үлэ­лиир кыахтаах (ол иһигэр оҕолор, кырдьаҕастар) 41350 эрэ киһи ордубут. Ордук элбэх “ыалдьан” өлүү Нам (29,6%), Сунтаар (27,9%), Амма (26,1%), Чурапчы (25,7%), Таатта (25,2% ), Уус Алдан (25,2%), Ленскэй (24,8%), Ньурба (24,7%) оройуоннарыгар тахсыбыт.

Атын бөлөхтөрү көрдөххө, куорат олохтоохторун (Дьо­куускай, Алдан, Төмтөөн, Томмот, Учур, Ааллаах Үүн) ортотугар өлүү 12,9% тэҥнэс­пит. Улахан өлүү Саха сирин киин куоратыгар Дьокуускайга (19,4%) бэлиэтэммит. Хотугу оройуоннарга 14,7% буол­бут. Бу бөлөххө ыарыы-сүтүү ордук Эдьигээҥҥэ (32,5%) көстөр. Санатар буоллахха, бу Чурапчыттан көһүүгэ барбыт 1736 киһи суорума суолланыыларын сабыдыала. Сэбиэскэй Сойуус атын эрэгийиэннэрин кытта тэҥнээтэххэ, тыылга маннык сүтүк оккупацияҕа түбэспэтэх сирдэргэ ханна да буолбатах.

Тыа сирэ – Кыайыы туһатыгар

Булуҥ оройуонугар көһүүгэ барбыт 759 Чурапчы олохтооҕо балыктаах саҥа сирдэри баһылаан, сэрии сылларыгар 411,5 тыһыынча центнер балыгы туттаран, фронт сакааһа туолуутугар төһүү күүс буолбуттар. Кинилэр ортолоруттан кил­биэннээх үлэлэрин иһин биригэдьиир А.С. Ноев Үлэ Кыһыл Знамятын, Е.А.Агеева “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыттар. Сунтаар оройуо­нун Буденнай аатынан холкуоһун чилиэнэ Д.А. Тихонов биир күҥҥэ ортотунан 2,08 ганы, сезон устата 86 га сири, Уус Алдан Найахытыттан 16 саастаах Ефимов күҥҥэ 0,82 га сири илиилэринэн охсоллоро бэлиэтэммит.

Байанайдаах булчуттарбыт, кинилэр ортолоругар нуор­маларын балтараа-үс бүк толорбут булчут дьахталлар:
М.Д. Иванова (Өлөөн), М.И. Гу-
ляева (Сунтаар), эдьиий­дии-балыс Владимировалар (Эдьигээн), Е.Д. Федорова (Өлүөхүмэ), А.Л. Габышева (Токко), Е. Архипова (Хаҥалас, Дьөппөн) уо.д.а. сылтан-сыл ахсын улаата турар былааннарын мэлдьи куоһаран, 1941-1945 сыллар усталарыгар 83 мөлүйүөн 881 тыһыынча сол­куобайдаах күндү түүлээҕи судаарыстыбаҕа туттарбыттар.

Сунтаар оройуонун Буденнай аатынан холкуоһун чилиэнэ Д.А. Тихонов биир күҥҥэ ортотунан 2,08 ганы, сезон устата 86 га сири, Уус Алдан Найахытыттан 16 саастаах Ефимов күҥҥэ 0,82 га сири илиилэринэн охсоллоро бэлиэтэммит.

1941 сыллаахха тыа сирин олохтооҕо биир күннээх үлэ нуорматын толордоҕуна, төлөбүрэ 300 г туорахтаах бурдук, 1,9 г эт, 3,4 г арыы уонна 67 кэппиэйкэ харчы тиксэрэ. Аныгы киһи өйүгэр итинник сатаан батан киирбэт ас­­таах-хамнастаах тыа сирин дьоно, соҕурууҥу оройуоннар олох­тоохторо Улуу Кыайыыны уһансыбыттара. Холобура, хаҥаластар фроҥҥа көмөлөһөн 5 718 706 солкуобайы биэрбиттэр. Өлүөхүмэ 2 443 000 солкуобайы дойдутугар уонна фроҥҥа туттарбыт. Мэҥэ Хаҥалас 920 000 солкуобайы аҥардас тааҥка холуоннатын тутууга эрэ анаан уу харчынан киллэрбит, 92,3 т этинэн, 53,6 т балыгынан, о.д.а. бородууктанан көмөлөспүт.

Үтүөбүт үрдүк, өҥөбүт өлгөм

Биллэн турар, үп-харчы өттүнэн оборуоннай бырамыысыланнастаах эрэгийиэннэри кытта тэҥнээн көрүү табыгаһа суох да буоллар: 2 915 300 нэһилиэнньэлээх Татарскай АССР 1942-1944 сыллардаахха Оборуона пуондатыгар уонна бойобуой тиэхиньикэ тутуутугар 262 мөл. солк., ол аата биир киһи ортотунан 90 солк. киллэрбит. Оттон 413 200 нэһи­лиэнньэлээх, ол иһигэр 302 300 киһитэ тыа сиригэр олорор Саха АССР Оборуона пуондатыгар уонна бойобуой тиэхиньикэ тутуутугар хомуйбут 69 868 232 солк., онно баан нөҥүө араас төлөбүр киирбит 5 012 232 солк. кытта холбоотоххо, Саха сирин биир олохтооҕор, ортотунан 169 солк. тиксэр.

Оборуоннай бырамыысыланнастаах, 250 тыһыынча нэһилиэнньэлээх Иркутскай куораты уонна 53 тыһыынча нэһилиэнньэлээх Дьокуускайы кытта бойобуой тиэхиньикэ тутуутугар биэрбит үптэрин тэҥниибит: Иркутскай 14 мөл., Дьокуускай 3 882 248 солк. хомуйбуттарын биир киһитигэр таһаардахха, 56 уонна 73 солк. сөп түбэһэр. Оннооҕор, сукка-курааҥҥа түбэспит Саха сирин соҕуруу оройуоннарын дьоно бойобуой тиэхиньикэ тутуутугар биэрбит үптэрэ хас да бүк үрдүк хамнастаах Иркутскай куорат оробуочайдарын көрдөрүүлэриттэн улаханнык хаалсыбат. Холобура, Мэҥэ Хаҥалас биир холкуос­тааҕар 63, Хаҥалас биир холкуостааҕар 56 солк. тэҥнэһэр. Уопсайынан, Саха АССР олохтоох­торо сэрии сылларыгар Улуу Кыайыы туһугар (Д.Д.Петров “Якутия в годы Великой Отечественной войны”, II чааһа) барыта 90 410 844 солк. үбү-харчыны киллэрбиттэрэ!

Саха АССР курдук, фронтан ыраах да сыттар, улахан сүтүктэммит атын эрэгийиэн сэрии уота хаарыйбатах сирдэригэр суоҕун кэриэтэ.

Саха АССР курдук, фронтан ыраах да сыттар, улахан сүтүктэммит атын эрэгийиэн сэрии уота хаарыйбатах сирдэригэр суоҕун кэриэтэ. Ол да буоллар, Бүтүн Сойуустааҕы көмүс хостооһун былаанын 20% биэрэн, ол иһигэр дьахталлар, оҕолор үтүөлэринэн сэрии иннинээҕи таһымын 1,9 куоһарбыт “Дьугдьуур көмүһэ” трес­тээх, түүлээх соҕотуопкатын 20 % толорон дойду валютанан пуондатыгар дьоһун­наах кылааты киллэрбит булчуттардаах, сэбиэскэй кавалеристар эрэллээх доҕордоро буолан Берлини ылыыга кыттыбыт, тыйыс тымныыга хатарыллыбыт тулуурдаах 55 тыһ. саха сылгытын фроҥҥа туттарбыт Саха сирин үтүөтэ-өҥөтө ССРС атын со­­йууһунай итиэннэ автономнай өрөспүүбүлүкэлэринээҕэр, уобаластарынааҕар ордук чорбойон көстөр.

Панкратий Петров,

кыраайы үөрэтээччи.

(МАТЫРЫЙААЛЫ УЛУУ КЫАЙЫЫ 70 СЫЛЫГАР ТАХСЫБЫТ “ӨЛҮҮНҮ КЫАЙБЫТТАР
ӨЛБӨТТӨР” КИНИГЭТТЭН ИВАН КСЕНОФОНТОВ-СИЛИГИ БЭЛЭМНЭЭТЭ).
ХААРТЫСКА HTTPS://WWW.YAKUTIA-POMNIT.RU/ARTICLES/HISTORY/2293-YAKUTSKIETANKI-NA-OSTRIE-ATAKI.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Ефрейтор Андрей Григорьев Арассыыйа Дьоруойа буолла

«Тута» диэн позывнойдаах Андрей Григорьев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылла.…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саҥа үөрэх дьылыгар ураты комплекс үлэҕэ киириэ

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах үөрэх комплексын үлэҕэ киллэрэр туһунан СӨ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

49 кыраадыс тымныыга сүүрдүлэр

Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, "Тымныы полюһа -- Өймөкөөн" диэн VI экстремальнай марафон буолла. Кыһыҥҥы сүүрүүгэ…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыҥҥы билгэлэр

Өбүгэлэрбит тулалыыр айылҕа уратытын, халлаан эттиктэрин, кыыллар быһыыларын таба көрөн, күнү-дьылы билгэлиир этилэр. Кыһын туһунан…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинэ. Тутуу хаамыыта

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Судаарыстыбаннас күнүгэр Арктика уонна ускуустуба киинин үлэҕэ киллэрии туһунан сорудаҕы СӨ…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: Ойуун ыар дьылҕатын туһунан киинэ

Тохсунньу 16 күнүттэн дойду үрдүнэн киинэ тыйаатырдарыгар "Шаман" диэн эдэр режиссер Михаил Мерзликин киинэтэ көстүөҕэ.…

5 часов ago