Дьокуускайга иккис Өрөспүүбүлүкэтээҕи антифашистскай пуорум буолаары турдаҕына, “Норуодунай фронт. Барыта Кыайыы туһугар” бочуоттаах бэлиэнэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадалаатылар.
Наҕарадаалары байыаннай дьайыыны өйөөн, тус бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо туттардылар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бочуоттаах бэлиэлэри СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Норуодунай фронт улахан суолталааҕын бэлиэтээн туран туттарда.
“Лидеры сборов” анал ааты үбүлээһин өттүнэн көмө оҥорор урбаанньыт Андрей Елькин уонна Жатайдааҕы металлоконструкция собуотун салайааччыта Владимир Куликовскай ыллылар.
“Народные полки” анал аат кыайыылаахтарынан “Добровольцы” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Светлана Архипченко уонна хамсааһын координатора Галина Васильева буоллулар.
“Сила тыла” анал аакка Аллараа Халыма улууһун култуураҕа управлениетын начаалынньыга уонна Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин чилиэнэ Альбина Винокурова наҕараадаланна.
“Мобилизованнайдар дьиэ кэргэннэригэр көмө” анал ааты байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэригэр 7 туонна балыгы буор босхо биэрбит “Аллайыаха” кээпэрэтиип салайааччыта Сергей Бережнов уонна дьиэ кэргэннэри харса суох өйүүр урбаанньыт, Уопсастыбаннай балаата чилиэнэ Надежда Львова ыллылар.
“Барыта Кыайыы иһин!” тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыларын иһин Росимущество Саха сиринээҕи территориальнай управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Любовь Фрунзе уонна Федеральнай казначейство управлениетын салаатын начаалынньыга Павел Сальченко Махталынан бэлиэтэннилэр.
Норуодунай фронт эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Дмитрий Паньков эрэгийиэннээҕи ыстаап чилиэннэригэр бочуоттаах грамоталары туттарда.
“Биһиги бу аан бастаан өйдөбүнньүк бэлиэни туттарабыт, бары наҕараадаламмыттар бу үрдүк чиэскэ дьоһуннук тиксэр дьон. Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык дьон элбэх, биһиги кинилэр киллэрэр кылааттарын хайаан да бэлиэтии туруохпут”, — диэтэ Дмитрий Паньков.
Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…
Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…
Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…
Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…