Барыыс Баһылайап: «Этэҥҥэ эргиллэн кэлиэххит!»
18.10.2022, 19:22
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 12-с кыттааччыта Бүлүү куораттан Васильев Борис Николаевич-Барыыс Баһылайап:
Эдэр эмньик эрэттэр,
Элбэх этэрээт эрээттэр,
Эйэни тиэрдэр эрэллэр
Эргийиэхпит диэн этэллэр!
Элбэх этэрээт эрээттэр,
Эйэни тиэрдэр эрэллэр
Эргийиэхпит диэн этэллэр!
Дойдум тутулун туһугар
Кавказ хайатын уһугар,
Добун сүрэхпин уураммын
Кэлбитим кыайыыбын тутаммын!
Очуос тааска тахсаммын
Тохтор тойукпун туойарым.
Ой дуораана буоламмын
Төрөөбүт дьиэбин ахтарым!
Сэриини билбит эттээхпин…
Өлүүлүүн мөккүспүт күннээхпин…
Сүтүктүүн көрсүбүт кэмнээхпин…
Өстөөхтүүн мөхсүбүт өһүөннээхпин…
Билигин бардылар уолаттар
Боотур хааннаах уоланнар!
Саха куттаах буойуттар!
Самныбат санаалаах хоһууннар!
Этэҥҥэ эргиллэн кэлиэххит,
Эрэйдээх сэриини кэһиэххит,
Иккиһин үүммүтү кэһэтиэххит,
Иллээх илдьити кэтэһиэххит!
Ордубут эбиттэр байыастар!
Уоттаах харахтара кытыастар!
Олохпут кэрэтин харыстааҥ!
Улуу Кыайыыны хатылааҥ!
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: