“Басхан” оонньуу – тус бэйэни  сайыннарыы

“Басхан” оонньуу – тус бэйэни  сайыннарыы

Ааптар:
16.04.2024, 11:38
Хаартысканы В.Степанова тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

“Басхан” оонньуу буолар сураҕын истэн баран олус дьиктиргээбит түгэммин өйдөөн кэлэбин: “Басхан” туох сыаллаах, туох сэһэннээх, туох ис хоһооннох, хайдах-туох ньымалаах тэрээһин буоллаҕай диэн ыйытыылар өйбүн-санаабын, куппун-сүрбүн,  биһиги сахалар этэллэринии, утуйар уубун  көтүппүтэ…

Соторутааҕыта икки күннээх “Басхан” диэн ааттаах дьыалабыай ооннньуу ( куонкурус) бэрт сэргэхтик билиҥҥи кэм тэтиминэн ыытыллан, дойдутугар Үөһээ  Бүлүүгэ төнүннэ…Мин тус бэйэм утаппыт киһи ууну иһэрин курдук умсулҕан абыланыгар киирэн,  туох эрэ сүтэрбиппин булбуттуу биир тыынынан көрөн-истэн астынан, ити икки күнү билбэккэ атаардым. Олус да үчүгэй тэрээһини “Басхан” бырайыак ааптардара Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгин И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин сүрүн исписэлииһэ Семенова Е.П. уонна “Тускул” оҕо киинин иһинэн үлэлиир “Сомоҕо” оҕо хамсааһынын методиһа Ильина С.И. төрүттээбиттэр. Киһи үөрэрэ, күн бүгүнүгэр диэри тохтоппокко, өссө ыытыллар эйгэтин кэҥэтэн,  бу быйыл өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар учууталлар идэлэрин үрдэтинэр институтун базатыгар ыыппыттара сэҥээриини тардан, мин саныахпар, кэрэхсэбили өссө үрдэттэ.

“БАСХАН-2024” өрөспүүбүлүкэҕэ 4-с төгүлүн дьыалабыай оонньуу таһымынан ыытылынна. Күрэскэ барыта 13 улуустан 15 кыттааччы күөн көрсөн бэйэлэрин кыахтарын тургуттулар. Муҥутуур Кылаан кыайыылааҕынан С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын 10 кылааһын үөрэнэччитэ Андрей Степанов буолла. Салайааччылара — О.С.Данилова, Ф.Н.  Болдовская. 1 ҮРДЭЛ кыайыылааҕа – Мэҥэ Хаҥаластан И.М.Романов аатынан Төхтүрдээҕи орто оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алгыс Попов.  Салайааччылара – О.Н.Максимова, Н.Ф.Попов. 2 ҮРДЭЛ кыайыылааҕа — Артем Яковлев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 10 кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччыта — С.С.Захаров. 3 ҮРДЭЛ кыайыылааҕа — Кэбээйи улууһун И.Е.Левин аатынан Таҥара орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Георгий Готовцев. Кинини А.Д. Кычкина, М.П.Баишева бэлэмнээбиттэр.

Оонньуу чэрчитинэн “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама  (сал. Ильина Т.М.) бөлөҕө басхан уолга “Эркээйи эрэлэ” уонна кини салайааччытыгар “Эркээйи сирдьитэ”  диэн  үрүҥ көмүс бэлиэлэри олохтоото.

Быйылгы көрүү түмүгүнэн алгыс тыллаах үрдүк ааты Кэбээйи улууһун И.Е. Левин аатынан Таҥара орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Георгий Готовцев уонна учуутала А.Д.Кычкина ыллылар.

Бэйэ ис көрүүтүн тэрийиэххэ

Билигин сиэр быһыытынан үөрүүбүтүн үллэстэн  баран, аны бу оонньуу/күрэх ис хоһоонугар киирэн, ырытан-ыраҥалаан, кэлин ыытыллыахтаах оонньууларга туох саҥа өйү-санааны тутан ылыахпытын сөбүй диэн санаанан аһаҕас кэпсэтиигэ ыҥырабын.

Оонньуу-күрэх сыала-соруга, мин бэйэм өйдөөн-тутан ылбыппынан, сүнньүнэн тус бэйэ билэр-көрөр кыаҕын тургутуу. Тургутуу биэс хаамыылаах:  бастакытынан, удьуор утумун билии-көрүү. Иккиһинэн, дойду салайааччылара — мин харахпынан. Үһүс, өркөн өй. Төрдүс, куолулааһын —  мөккүөр,  санаа атастаһыыта. Бэһис,  айыы умсулҕана.

Биэс түһүмэхтээх. Түһүмэхтэр ааттарыттан көрдөххө уонна ыытыллыбыт ньымаларын ис хоһоонноохтук ырытан-ыраҥалаан сыаналаатахха, күрэх-тургутуу дойду үрдүнэн ыытыллар үөрэх ис хоһоонуттан уонна ньыматыттан киһи хараҕар быраҕыллар ураты майгыта-сигилитэ көстүбэтэ. Дьиҥинэн, туох эрэ сонуну мэктиэлиир курдук этэ. Үгэс буолбут үөрэх тыынынан билии-көрүү ис хоһоонноох буолла. Мин икки күнү быһа утаппыт курдук тэрээһин тыыныгар киирэн, “дьэ, бу бүгүн көрөрүм буолуо” диэн кэтэспит санаам туолбата, ол туолбатаҕын бүтэһик күҥҥэ “Төгүрүк остуол” түһүлгэтигэр этэн, бэйэм санаабын толордум, ол эрээри баҕа санаабын эппиппин тэрийээччилэр тутан ыллылар дуо диэн бэйэбэр ыйытыктаах хааллым.

Оонньуу / күрэх кэмигэр көрөөччүлэргэ “БАСХАН” дьыалабыай оонньуу ( куонкурус) уол оҕо иитиитигэр суолтата ( методическай матырыйааллар)” диэн ааттаах оонньуу туһунан тэттик, ол гынан баран дириҥ ис хоһоонноох матырыйаалы тарҕаппыттарыттан көрдөххө, олус дириҥ ис хоһоонноох оонньуу эбит диэн санааҕа кэлэҕиҥ.

Биһиги билигин олорор кэммит  атын сэһэннээх, атын тэтимнээх. Сайдыы 5-с таһымыттан 6 таһымыгар тахсыы ураты соруктары туруорар. Куйаар, Сир, Киһи ситимин ньигирэ уларыйан,  киһи тус сайдыытыгар ураты сорук турар: киһи кута-сүрэ сөпкө сайдыыта – сайыннарыытын айана тыын кыһалҕа буолла.

Бу эппит санаабын ситэрэн эттэхпинэ,  “БАСХАН” оонньуу сүрүн тургутуу түһүмэхтэрин кэнниттэн бэйэҕэ эргиллэн, бэйэ ис көрүүтүн ис хоһоонноохтук ырытан-сыаналанан көрөллөрөүн тэрийэллэрэ буоллар  – күрэх ис хоһоонун киһи уонна омук тыыннаан тус кыттааччы сайдар кыаҕын өссө күүһүрдэн, дириҥ ис хоһоонноон, сайдар тэтимин өссө  түргэтитэн  биэриэ этэ. Тус бэйэҕэ эргиллии – сайдыы ураты ньымата.  Бэйэтэ кистэлэҥнээх: мээнэ ыйытыы эрэ сөп түбэспэт, анаан аттарыллыбыт ыйытыылар тиһиликтэрин туруоран, оҕо тус бэйэтигэр эргиллэн, бэйэтин өйүн- санаатын сааһыланарыгар ураты үөрүйэҕи баһылыыр кыахтанар. Бу ылбыт үөрүйэҕэ оҕо бэйэтин олоҕун дуоспуруннаахтык салайынарыгар, кыаҕын үрдэтэн олох оскуолатын ситиһиилээх үөрэнээччитэ буола улаатарыгар сайдыы сүрүн төрүтүн тутан ылар кыахтанар: үүнээйи силиһэ-төрдө  төһө бөҕөнүй да, соччонон силигилээн үүнэн тахсарын курдук.

Кэтээн көрүү этэринэн, оҕо бэйэтин үөрэтэр үөрэнээччи таһымнаах буоллаҕына эрэ олох айанын, о.э. олоххо көрсөр сыһыан  араас таһымын ааһарыгар ситиһиигэ умсулҕана уостубат туруктанар. Тоҕо? Киһи тыыннаах эйгэҕэ (билии тыыннаах буолбатах) оҕо бэйэтин киһи буолан кэлбит аналын – кутун-сүрүн уһугуннаран, тус бэйэтин сайыннарар. Сайдыы умсулҕаныгар абылатан, хаһан да өлбөт – сүппэт айылгылаах кутун-сүрүн сүрүн хаачыстыбатын үрдэтэн. Бэйэбит омукпут үйэлэри уҥуордаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ илдьэ кэлбит духуобунай бэлэҕэ – “Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ…”. Хас биирдии киһиэхэ туһаайыылаах алгыс этии. Чөл туруктаах буолуу кистэлэҥэ. Ол кистэлэҥин “Айыы кыһата” оскуолаттан саҕалаан “Сэргэлээх” оскуолата салҕаан төһөлөөх элбэх оҕо кутун-сүрүн  ыраастанан, чөллөнөн олох үрдүк сыаннаһын тутан, сайдыы суолунан айанын салайбыта буолуой?

Онон тус бэйэҕэ эргиллэн, тус бэйэ кутун- сүрүн сайыннарыахха.

Валентина Егоровна Степанова, бөлөсүөпүйэ билимин хандьыдаата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: