Бассейнҥа 25%-наах чэпчэтиинэн туһан

Share

«Саха сирин олохтооҕо» каарталаах дьон поликлиникаҕа диспансеризацияны, эбэтэр, үлэҕэ киирэргэ мэдиссиинэ бэрэбиэркэтин (профосмотр) ааспыт буоллаҕына, бассейнҥа уонна катокка сылдьарыгар 25%-наах чэпчэтиинэн туһанар кыахтанар диэн «Алмаасэргиэнбаан» иһитиннэрэр.

Бу каарта элбэх чэпчэтиилээх. Холобур, атыыласпыккыттан 1%, сорох маҕаһыыннартан өссө элбэх бырыһыан уу харчынан төннөр (кэшбэк уонна «Свои» бырагыраама). Оттон бу 25%-наах чэпчэтиини «Чолбон», «Самородок» бассейннар уонна Мархатааҕы спортивнай-чэбдигирдэр комплекс оҥороллор. Өссө салгыы манна кыттыһар спортивнай эбийиэк ахсаана эбиллэн иһиэ диэн  эрэннэрэллэр.

Бу бырайыакка «Алмаасэргиэнбааны» сэргэ доруобуйа харыстабылын уонна спорт министиэристибэлэрэ, булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын пуондата кыттыспыттар. Дьон доруобуйатын көрүнэригэр, чэбдигирдэригэр туһуламмыт, уопсайынан, туһалаах бырагыраама буолар.

Диспансеризацияны ааспыт кэннэ, онтон кэлэр ый 20-с чыыһылатыттан саҕалаан, чэпчэтии оҥоһуллан барар. Диспансеризацияҕа 122 нүөмэрдээх контакт-кииҥҥэ эрийэн, суруйтарыахха сөп. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

3 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

3 часа ago