Бастакы бэрэсидьиэн бибилэтиэкэтигэр

Share

Арассыыйатааҕы Б.Н.Ельцин аатынан  бибилэтиэкэҕэ көҥүл киирэр кыах. Ол эрээри, филиала Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнин Михаил Николаев аатынан бибилэтиэкэ — Николаев кииҥҥэ баар буолла. Манна анаан саҥа ааҕар саала аһылынна.

Ельцин бибилэтиэкэтин электроннай көрүҥэр Арассыыйа судаарыстыбатын, устуоруйатын уонна нуучча тылын туһунан сүдү суолталаах докумуоннар куопуйалара хараллан сытар. Бибилэтиэкэ сүрүн киинэ Санкт Петербурга баар, итиэннэ Москва уонна Тюмень куораттарга филиаллардаах. Маны тэҥэ дойду үрдүнэн 1500 тахса электроннай ааҕар саалалардаах.

“Өрөспүүбүлүкэҕэ Саха сирин национальнай бибилитиэкэтэ уонна Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕа аан бастакынан Ельцин бибилэтиэкэтинэн туһанар көҥүлү ылбыттара. Оттон үсүһүнэн бу Николаев кииҥҥэ историческай сэдэх докумуоннары, федеральнай архыыбы кытта үлэлэһэр кыах тосхойдо. Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр оҕо талаанын, кыаҕын сайыннарар араас үөрэх-сайдыы кыһалара үлэлииллэр, онон ааҕар саала манна арыллыбыта сүдү суолталаах ”, — диэн Саха өрөспүүбүлүкэтин национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ Саргылаана Максимова бэлиэтээн эттэ.

Ааҕар саала аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр Николаев кииҥҥэ Ельцин бибилэтиэкэтин эрэгийиэннэри кытта үлэҕэ департаменын дириэктэрэ — Тюмень куораттааҕы филиал дириэктэрэ Олег Шор кыттыыны ылла. Кини “Чуолаан манна, Арассыыйа бастакы национальнай электроннай пуондатыгар хараллан сытар 1 мөл. тахса докумуону көрүөххэ сөп. Бу 90-тан тахса куопуйа. Үөрэхтээһин сайдыытыгар улахан суолталаах. Онон үүнэн эрэр көлүөнэ, оҕо-ыччат билиитин хаҥатарыгар биһиги өссө күүскэ үлэлэһиэхпит”, — диэн эттэ.

Саҥа ааҕар кииҥҥэ үлэлииргэ бары усулуобуйа тэрилиннэ. Ол курдук, манна 4 үлэлиир миэстэни оҥордулар. Онон хас биирдии баҕалаах киһи кэлэн бэрэсидьиэн бибилэтиэкэтин пуондатын, ол иһигэр сэдэх кинигэ маҥнайгы таһаарыыларын сыыпаранан куоппуйаларын, архыып докумуоннарын, научнай үлэлэри, аудио уонна видео матырыйааллары кытта үлэлиэн сөп.

“Бэрэсидьиэн бибилэтиэкэтин пуондата биһиги ааҕааччыларбытыгар, итиэннэ манна кэлбит оҕолорго, манна үлэлиир дьоҥҥо улахан кыаҕы биэрэр. Инникитин наукаҕа хардыы оҥороллоругар бу докумуоннар төһүү күүс буолуохтара саарбаҕа суох”, — диэн СӨ духуобунай сайдыыга уонна култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев эттэ.

“Күн бүгүн Өктөм билиминэн умсугуйан дьарыктанар ыччат биһигэ. Манна билим дьоҕус академията үлэлиир буолан, өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан үөрэнээччилэр, устудьуоннар мусталлар. Дойду сүрүн бибилитиэкэтин пуондата үүнэн эрэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитэргэ көмө буолуоҕа”, — диэн СӨ национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ Саргылаана Максимова эбэн эттэ.

Ааҕар киин үөрүүлээх аһыллыытын кэнниттэн бибилэтиэкэ эйгэтин үлэһиттэрэ, муниципальнай оройуоннар үөрэҕирии салалталара кыттыылаах төгүрүк остуол ыытылынна. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Бэрэсидьиэн бибилэтиэкэтин пуондатынан хайдах туһанары сиһилии кэпсээтилэр. Итиэннэ инникитин өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар аһан үлэлэтэр туһунан дьүүллэстилэр. Төгүрүк остуолга видео сибээһинэн атын эрэгийиэннэр бибилэтиэкэлэрэ, Хабаровскай кыраай, Амур уобалаһа, Бурятия өрөспүүбүлүкэтэ уонна Приморскай кыраай холбоннулар. Тэрээһин СӨ национальнай бибилэтиэкэтин уонна Ельцин аатынан бэрэсидьиэн бибилэтиэкэ икки ардыгар бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥи баттаһыынан түмүктэннэ.

Николаев киин тус архыыбын хаартыскалара
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago