Салгыы
Бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ аналлаах тэрээһин

Бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ аналлаах тэрээһин

15.11.2024, 15:00
Хаартыска: Альбина Ноговицына тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 13 күнүгэр Ньидьили нэһилиэгэр СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүнэн улахан тэрээһин ыытылынна.

“Ньидьили орто оскуолатын, олохтоох бибилэтиэкэни кытта холбоһуктаах улахан тэрээһини  оҥордубут, — диэн кэпсиир «Tускул» сынньалаҥ киини уус-уран салайааччыта Альбина Ноговицына. — Тэрээһиҥҥэ кинигэ быыстапката, Михаил Ефимович олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр аналлаах презентация көрдөрүлүннэ,  «Биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев» төгүрүк остуол ыытылынна.

Салгыы «Кыраайы үөрэтэр» куруһуок оҕолоро М.Е. Николаевка анаммыт  хоһооннору аахтылар. Ол кэннэ Бастакы Бэрэсидьиэн төрөөбүт күнүгэр аналлаах «Моя Якутия» хамаанданан интерактивнай оонньуу буолла. Манна орто уонна улахан сүһүөх кылаастар оҕолоро кытыннылар, үс хамаанданан сэттэлии оҕо күрэхтэ. Уопсай түмүккэ 1-кы миэстэни » Семь мудрецов», 2-с миэстэни «Умники  и умницы»,  бириистээх 3-с миэстэни «Коллеги» ыллылар. Кыайыылаахтарга хамаанданан дьупулуом, кыттыбыт оҕолорго сэртипикээттэр туттарылыннылар».

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: