Бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ аналлаах тэрээһин

Share

Сэтинньи 13 күнүгэр Ньидьили нэһилиэгэр СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүнэн улахан тэрээһин ыытылынна.

Хаартыска: Альбина Ноговицына тиксэриитэ.
Хаартыска: Альбина Ноговицына тиксэриитэ.
Хаартыска: Альбина Ноговицына тиксэриитэ.
Хаартыска: Альбина Ноговицына тиксэриитэ.
Хаартыска: Альбина Ноговицына тиксэриитэ.
Хаартыска: Альбина Ноговицына тиксэриитэ.

“Ньидьили орто оскуолатын, олохтоох бибилэтиэкэни кытта холбоһуктаах улахан тэрээһини  оҥордубут, — диэн кэпсиир «Tускул» сынньалаҥ киини уус-уран салайааччыта Альбина Ноговицына. — Тэрээһиҥҥэ кинигэ быыстапката, Михаил Ефимович олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр аналлаах презентация көрдөрүлүннэ,  «Биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев» төгүрүк остуол ыытылынна.

Салгыы «Кыраайы үөрэтэр» куруһуок оҕолоро М.Е. Николаевка анаммыт  хоһооннору аахтылар. Ол кэннэ Бастакы Бэрэсидьиэн төрөөбүт күнүгэр аналлаах «Моя Якутия» хамаанданан интерактивнай оонньуу буолла. Манна орто уонна улахан сүһүөх кылаастар оҕолоро кытыннылар, үс хамаанданан сэттэлии оҕо күрэхтэ. Уопсай түмүккэ 1-кы миэстэни » Семь мудрецов», 2-с миэстэни «Умники  и умницы»,  бириистээх 3-с миэстэни «Коллеги» ыллылар. Кыайыылаахтарга хамаанданан дьупулуом, кыттыбыт оҕолорго сэртипикээттэр туттарылыннылар».

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

“Кэргэниттэн” хаартыскалардаах суругу туппут

Аҕыйах хонуктааҕыта Санкт-Петербург учуутала дьиэ кэргэн урукку хаартыскалардаах (архыып) “кэргэниттэн” иһитиннэрии туппут. Дьахтар архыыбы арыйбытын…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуустарга элбэх оҕолоох ыал оҕолорун оптуобустар босхо таһыахтара

Саха сирин улуустарыгар элбэх оҕолоох ыал оҕолорун босхо таһар оптуобустар баар буолуохтара. Оҕолор уопсастыбаннай тырааныспарынан…

30 минут ago
  • Сонуннар

Айсен Николаев Павел Маринычевы кытары көрүстэ

Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Мииринэйгэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна  АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ…

46 минут ago
  • Сонуннар

Саҥа дьылга «13-с биэнсийэни» төлүөхтэрэ дуо?

Бу күннэргэ Саха сирин олохтоохторун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт Саҥа дьылга төлөнөр 13-с биэнсийэ туһунан сурах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин алта дзюдоиһа Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдэ

Дзюдоҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтин түмүгүнэн Саха сирин алта спортсмена дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдэ. Бу туһунан пресс-кэмпириэнсийэ…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха сиригэр Олоҥхо күнүн киэҥник бэлиэтиэхтэрэ

Быйыл Олоҥхо күнүн чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар араас куонкурустар, бэстибээллэр, быыстапкалар, испэктээктэр, научнай-быраактыычаскай кэмпириэнсийэлэр, квестар, көрсүһүүлэр,…

1 час ago