Бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ өйдөбүнньүк арыллыбыт күнүн түгэннэрэ
Покровскай куоракка Бастакы Бэрэсидьиэн М. Е. Николаевка аналлаах өйдөбүнньүгү арыйыыга ардахтаах күнү аахсыбакка олохтоохтор үөрэ-көтө кэлбиттэр.
Александра Владимирова, Покровскай 2 нүөмэрдээх оскуолатын учуутала:
— Бу уһулуччулаах биир дойдулаахтара, Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаевка өйдөбүнньүк арыллыбыт историческай күнэ өйдөрүгэр хааллын диэн кылааһым оҕолорун, 10 кылаас үөрэнээччилэрин, илдьэ кэллим. Бу иннинэ Судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах кылаас чааһын ыыппыппыт.
Андрей Борисов, РФ норуодунай артыыһа, Саха сирин судаарыстыбаннай сүбэһитэ:
— Хаҥаластар Судаарыстыбаннас күнүгэр чулуу уолларыгар бастакынан өйдөбүнньүгү туруорбуттара олус бэрт. Ордук бу устуоруйаҕа сыһыаннаан биир дойдулаахтарыгар анаан эппит тылларын киллэрбиттэрэ олус үчүгэй. Михаил Ефимович бэйэтэ устуоруйаны оҥорсубут, иккис өрөспүүбүлүкэни тэрийсибит киһи. Кини оҥорбут дьыалата өрүү салҕана, устуоруйаҕа киирэ туруоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: