Бастакы Камчаткатааҕы эспэдииссийэни үйэтитэр сыаллаах
Витус Беринг эспэдииссийэтин 300 сылынан былырыын саас “Пути великих свершений” бырайыак чэрчитинэн “Дьокуускай-Охотскай. Витус Беринг суолунан” эспэдииссийэ айаннаабыта.
Барбыт суолларын уһуна 2,5 тыһыынчаттан тахса килэмиэтир этэ.
Бу Охотскайга тиийэр тыраак XVII үйэттэн ХХ үйэ саҕаланыар диэри үлэлээбитэ, Камчатканы, Чукотканы, Нуучча Америкатын кытта сибээһи тутар суох-соҕотох суол этэ. XVIII үйэҕэ муоранан айаннааччы Витус Беринг көмөтүнэн судаарыстыбаннай суолталаммыта.
Бу хорсун эспэдииссийэни үйэтитэр сыаллаах тохсунньу 15 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэҕэ муоранан айаннааччы Витус Беринг баһылаан-көһүлээн илдьэ сылдьыбыт Бастакы Камчаткатааҕы эспэдииссийэтин 300 сылыгар аналлаах быыстапка аһылынна. Экспозицияны бибилэтиэкэ сэдэх историческай таһаарыыларын кытта Н.О. Кривошапкин аатынан 5 №-дээх куорат оскуолатын кэлэктиибэ тэрийдилэр.
Ураты болҕомтону “Беринг” оскуола хаһыатын мультимедийнэй таһаарыыта ылар. Ону үөрэнээччилэр бибилэтиэкэ көмөтүнэн #ПятаяВысота бырайыак чэрчитинэн оҥордулар. Таһаарыыга эспэдииссийэ аанньа биллибэт сибидиэнньэлэрэ киирэннэр, билим эйгэтигэр улахан суолталанна.
Бастакы Камчаткатаатҕы эспэдииссийэ улахан географическай арыйыылар устуоруйаларыгар улахан суолталаах түһүмэҕинэн буолбута уонна Петр I дьаһалынан Арассыыйа империятын бырабыыталыстыбата иилээн-саҕалаан ыытыллыбыта.
“Маннык бырайыактар көмөлөрүнэн оҕолор устуоруйаны интэриэһиргээн, бэйэлэрин айар үлэлэрин саҕалыыллар. Инникитин кинигэ оҥорон таһаарыахпыт, мультимедийнай бырайыак бу иһитиннэриини аныгы өттүттэн көрдөрөр кыаҕы биэриэҕэ», — диэтэ “Дьокуускайдааҕы 5 №-дээх оскуола летопиһа” историческай бырайыак салайааччыта Анна Борисова.
Быыстапка олунньу 5 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: