Бастакы Камчаткатааҕы эспэдииссийэни үйэтитэр сыаллаах

Share

Витус Беринг эспэдииссийэтин 300 сылынан былырыын саас “Пути великих свершений” бырайыак чэрчитинэн “Дьокуускай-Охотскай. Витус Беринг суолунан” эспэдииссийэ айаннаабыта.

Барбыт суолларын уһуна  2,5 тыһыынчаттан тахса килэмиэтир этэ.

Хаартыска: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ

Бу Охотскайга тиийэр тыраак XVII үйэттэн ХХ үйэ саҕаланыар диэри үлэлээбитэ, Камчатканы, Чукотканы, Нуучча Америкатын кытта сибээһи тутар суох-соҕотох суол этэ. XVIII үйэҕэ муоранан айаннааччы Витус Беринг көмөтүнэн судаарыстыбаннай суолталаммыта.

Бу хорсун эспэдииссийэни үйэтитэр сыаллаах тохсунньу 15 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэҕэ муоранан айаннааччы Витус Беринг баһылаан-көһүлээн илдьэ сылдьыбыт Бастакы Камчаткатааҕы эспэдииссийэтин 300 сылыгар аналлаах быыстапка аһылынна. Экспозицияны бибилэтиэкэ сэдэх историческай таһаарыыларын кытта Н.О. Кривошапкин аатынан 5 №-дээх куорат оскуолатын кэлэктиибэ тэрийдилэр.

Ураты болҕомтону “Беринг” оскуола хаһыатын мультимедийнэй таһаарыыта ылар. Ону үөрэнээччилэр бибилэтиэкэ көмөтүнэн #ПятаяВысота бырайыак чэрчитинэн оҥордулар. Таһаарыыга  эспэдииссийэ аанньа биллибэт сибидиэнньэлэрэ киирэннэр, билим эйгэтигэр улахан суолталанна.

Бастакы Камчаткатаатҕы эспэдииссийэ улахан географическай арыйыылар устуоруйаларыгар улахан суолталаах түһүмэҕинэн буолбута уонна Петр I дьаһалынан Арассыыйа империятын бырабыыталыстыбата иилээн-саҕалаан ыытыллыбыта.

“Маннык бырайыактар ​ көмөлөрүнэн оҕолор устуоруйаны интэриэһиргээн, бэйэлэрин айар үлэлэрин саҕалыыллар. Инникитин кинигэ оҥорон таһаарыахпыт, мультимедийнай бырайыак бу иһитиннэриини аныгы өттүттэн көрдөрөр кыаҕы биэриэҕэ», — диэтэ “Дьокуускайдааҕы 5 №-дээх оскуола летопиһа” историческай бырайыак салайааччыта Анна Борисова.

Быыстапка олунньу 5 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ленскэй оройуонугар пассажирдары таһар оптуобус суолтан туораабыт

Бүгүн, тохсунньу 22 күнүгэр, күнүс 12 чааска Ленскэй оройуонун сэлиэнньэлэринэн пассажирдары таһар оптуобус суолтан туораата.…

3 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кыһалҕаны билбит сэрии сылларын оҕолоро байыаннай дьайыыга көмөлөһөллөр

Бүгүн Элбэх туһалаах сүбэ-ама баара, байыаннайдар төрөппүттэрин ыйытыыларыгар барытыгар хоруйдаатылар. Тустууктар ийэлэригэр, аймахтарыгар санааларын түһэрбэккэ,…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбата сайдар кэскиллээх

Үөһээ Бүлүү улууһугар ааспыт сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 16 сүөһү, сылгы иититинэн дьарыгырар потребительскай…

29 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бу бээтинсэҕэ — «Коркин. Андаҕар» испэктээк

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын испэктээктэрин эккирэтэ сылдьан барыларын кэриэтэ олус сөбүлээн көрөбүт. Биир…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амматааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ оҕолору тулалыыр эйгэни кэтээн көрөргө үөрэтэллэр

Бэҕэһээ, тохсунньу 22 күнүгэр, Амма улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй 3-с…

60 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Дьокуускай куораттааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйата Кыайыы иһин бэйэтин көмөтүн киллэрэр

«ДоброVольцы» волонтердар хамсааһыннарын көрдөһүүтүнэн, Дьокуускай куорат территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатын үлэһиттэрэ (бэрэссэдээтэл С.Б. Алексеева)  матырыйаал атыылаһан,…

1 час ago