Бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ Ил Дархан Айсен Николаевтан күннүктэри уонна «Алеша» тааҥка экипааһа уруһуйдаах тэтэрээттэри бэлэх туттулар.
Бу туһунан Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетыгар оскуола үлэһиттэрэ санааларын үллэһиннилэр. Куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар быйылгы үөрэх дьылыгар бастакы кылааска 178 оҕо үөрэнэ киирбит.
— Долгуйа күүппүт линейкабыт бэрт сэргэхтик ааста. Онтон кылаастарынан тарҕаһан бастакы уруокпутун аастыбыт. Төрөппүт бөҕө тоҕуоруһан долгутуубутун өссө күүһүртүлэр. Учууталларбыт Саха Өрөспγγбγлγкэтин Ил Дархана Айсен Николаев бэлэхтээбит күннүгүн, ону таһынан «Алеша» тааҥка экипааһа уруһуйдаах тэтэрээт туһунан кэпсээбиттэрин сэргии иһиттибит. Күннүгү туһанан бэйэбит олохпутун былаанныы, элбэҕи ситиһэ үөрэниэхпит. Махталбыт муҥура суох», — диэн 2-с нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ кэпсээтилэр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…