“Бастакы учуутал” куонкурус кыайыылааҕынан Айталина Сидорова ааттанна
Бу нэдиэлэ устата ыытыллыбыт “Бастакы учуутал” куорат уокуругун бастакы куонкуруһа түмүктэннэ. Кыайыылааҕынан Н.И. Шарин аатынан Дьокуускай куорат 39-с нүөмэрдээх оскуолатын алын кылааһын учуутала Айталина Сидорова таҕыста.
Куораттааҕы үөрэх управлениетын телеграм ханаалыгар суруйалларынан, куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэ куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар буолбут, пресс-кэмпириэнсийэ көрүҥүнэн ыытыллыбыт.
Пресс-кэмпириэнсийэни биллэр ыытааччы Анна Фомина салайбыт. Финал кытыылаахтара дьүүллүүр сүбэ, саалаҕа баар педагогтар ыйытыыларыгар хоруйдаабыттар. Оскуола, аныгы үөрэх, үөрэх нормативнай-правовой баазатын, аныгы учуутал уобараһын, хобби, уо.д.а. ис хоһоонноох ыйытыылары биэртэлээбиттэр. Кыттааччылар бары ыйытыыларга дьоһуннаахтык хоруйдаабыттар, дьону кытта сыһыаҥҥа сатабылларын көрдөрбүттэр, тус санааларын эппиттэр, оҕолору кытта үлэҕэ тус бэйэлэрин уопуттарыттан үллэстибиттэр.
Куонкурус түмүгүнэн номинацияларынан призердар:
— «Педагогическай дебют» — Аммосова Сардана Дмитриевна, Саха-корейскай оскуола;
— «Уопсастыбаннас билиниитэ» — Реева Ирина Робертовна, 25-с нүөмэрдээх оскуола;
— «Идэҕэ бэриниилээх буолуу» — Андреева Зинаида Егоровна, 31-с нүөмэрдээх оскуола;
— «Педагогическай талаан» — Степанова Изабелла Михайловна, 27-с нүөмэрдээх оскуола;
— «Педагогическай өрө көтөҕүллүү» — Васильева Инна Сергеевна, Б.А. Горбатюк аатынан 15-с нүөмэрдээх оскуола;
— «Лидер учуутал» — Суханова Ксения Игоревна, 32-с нүөмэрдээх оскуола;
— «Маастар учуутал» — Прохорова Людмила Владимировна, «Айыы Кыһата» гимназия;
— «Профессионал учуутал» — Сидорова Айталина Александровна, Н.И. Шарин аатынан 39-с нүөмэрдээх оскуола.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: