“Бастакы учуутал” куораттааҕы идэ күрэһин кыайыылааҕынан Мария Наумова буолла
Н.И.Шарин аатынан Дьокуускай куораттааҕы 39-с нүөмэрдээх оскуолаҕа “Бастакы учуутал” күрэс пресс-кэмпириэнсийэ көрүҥүнэн барбыт түмүктүүр түһүмэҕэ буолан ааста.
Кыттааччылар “Куйаар ситимэ: утарабын, өйүүбүн” тиэмэҕэ дьүүллүүр сүбэ ыйытыытыгар хоруйдаатылар. Оҕону иитиигэ уонна сайыннарыыга куйаар ситимэ оруолун, миэстэтин – үөрэтэр электроннай көрүҥнэр, оҥоһуу өй, куйаар ситимин эйгэтигэр учуутал уобараһын, о.д.а. туһунан олус сэргэх, суолталаах ыйытыылары биэрдилэр. Пресс-кэмпириэнсийэ дьыалабыай кэпсэтии, ырытыһыы көрүҥүнэн барда.
Күрэс кыттыылаахтарын эспиэртэр ааттарыттан Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова эҕэрдэлээтэ, махтал суруктары туттарда.
“Бастакы учуутал-2024” күрэс үс түһүмэҕин түмүгүнэн туспа номинацияларынан кыайыылаахтары быһаардылар:
Маастар-учуутал – Наумова Мария Валерьевна, 7-с нүөмэрдээх оскуола,
Профессионал-учуутал – Дмитриева Виктория Владимировна, 31-с нүөмэрдээх оскуола,
Лидер-педагог – Андросова Айыына Николаевна, 26-с нүөмэрдээх оскуола,
Педагогическай күүрээн – Тимофеева Алена Павловна, Саха-кэриэй оскуолата,
Педагогическай талаан – Зорина Татьяна Анатольевна, куорат 8-с нүөмэрдээх классическай гимназията,
Педагогическай маастарыстыба – Попова Александра Руслановна, “Айыы Кыһата” гимназия,
Идэҕэ бэриниилээх буолуу – Петрова Марианна Михайловна, 12-с нүөмэрдээх оскуола,
Уопсастыбаннай билинии – Жиркова Айыына Ивановна, Марха 1-кы нүөмэрдээх оскуолата.
Түмүктүүр түһүмэххэ ситиһиилээхтик кыттыбыттарынан Дьокуускай куораттааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Мария Петрова эҕэрдэлээтэ уонна Дьокуускай куоракка үлэлиир 700-тэн тахса алын кылаас учууталларыттан саамай хорсуннарынан, чаҕылхайдарынан буолалларын, күрэскэ кыттыы учуутал кыаҕын арыйарыгар көмөлөһөрүн, биир идэлээхтэрин кытта уопут атастаһарын, идэҕэ сатабылын сайыннарарын бэлиэтээтэ. Бу туһунан куорат үөрэҕин управлениетын саайта сырдатар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: