«Бастакылар Хамсааһыннара» Саха сиригэр 57 бырайыагы олоххо киллэрэр

Share

“Бастакылар Хамсааһыннара” Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай оҕо-ыччат хамсааһына Саха сиригэр 57 бырайыагынан үлэлиир. Ол онтон 51-рэ – бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыактар, алтата эрэгийиэннээҕи.

Хаартыска: "Бастакылар Хамсааһыннара" тиксэриитэ.

“Быйыл эрэгийиэннээҕи салаа Бастакылар Хамсааһыннара күөҥҥэ тутар бырайыактарын ситиһиилээхтик олоххо киллэрдэ: Бүтүн Арассыыйатааҕы “Биһиги – Арассыыйа гражданнарабыт” бырагырааманы, “Бастакылар Ыҥырыылара”, “Бастакылар Юннаттара” бырайыактары, “Зарница 2.0” байыаннай-патриотическай оонньууну. Олоххо киирэн эрээччилэргэ киирсэллэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыактар: “Устуоруйаны харайааччылар”, “Үтүөнү оҥор”, “Бастакы көмө”, “Учуонайга ыалдьыттыы”, “Идэҕэ бастакылар”, ону тэҥэ “Чугас дьонум – таптыыр дьонум” дьиэ кэргэн пуорума. Маны таһынан эрэгийиэннээҕи бырайыактары ыыппыппыт: “Мин дойдум ырыалара” хор кэлэктииптэригэр өрөпсүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу, оскуолаларга билим-чинчийэр эспэдииссийэлэри, оскуола эйгэтигэр көрүү-куонкуруһу”, — диэн Бастакылар Хамсааһыннарыгар кэпсээтилэр.

Сэтинньи 8 күнүгэр 25980 кыттааччылаах 30 бырайыак ыытыллыбыт.

Быйыл 100 үөрэнээччи Бастакылар Хамсааһыннарын бырайыактарынан федеральнай уонна уокуруктааҕы түһүмэхтэр финалистарынан уонна кыттааччыларынан буоллулар, ол курдук Ставропольга 14 оҕо II Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ кыттыыны ылбыта, Казаньҥа “Бастакылар Ыҥырыылара” бырайыакка – 31 оҕо, Хабаровскайга «Зарница 2.0.» оонньуу уокуруктааҕы түһүмэҕэр – 20 оҕо, Владивостокка “Океан” кииҥҥэ “Бастакылар Туйгуннара” симиэнэҕэ – 24 оҕо кыттыбыттара.

Маны таһынан Бастакылар Хамсааһыннарын көхтөөх чилиэннэрэ “Казаньҥа “Кэлэр кэм пилоттара” бырайыакка, Москваҕа “Устуоруйаны харайааччылар” бырайыак иккис сүлүөтүгэр, Самарскай уобаласка «iВолга» ыччат пуорумугар, Камчатскай кыраайга экологическай пуорум чэрчитинэн ыытыллыбыт “Бастакылар Юннаттара “ сүлүөккэ, Байконурга “Бастакылар космическай эспэдииссийэлэрэ” бырайыакка, Севастопольга “Нэһилиэстибэ” бырайыактыыр оскуолаҕа, о.д.а. эрэгийиэннэргэ сылдьыбыттара, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

34 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

4 часа ago