Салгыы
«Бастакылар хамсааһыннара» сүлүөт өрөспүүбүлүкэ 29 оройуонуттан үөрэнээччилэри уонна ыччаты түмтэ

«Бастакылар хамсааһыннара» сүлүөт өрөспүүбүлүкэ 29 оройуонуттан үөрэнээччилэри уонна ыччаты түмтэ

24.03.2023, 17:55
Светлана Иванова хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

«Бастакылар хамсааһыннара» бастакытын ыытыллар сүлүөт “Муус Устар” бэстибээл чэрчитинэн буолар. Саха сирин эдэр актыбыыстара Дьокуускайга Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар “Движение первых” оҕолор уонна ыччат Арассыыйатааҕы хамсааһынын эрэгийиэннээҕи салаатын бастакы сүлүөтүгэр түмүстүлэр. Манна 29 оройуонтан уонна киин куораттан бэрэстэбиитэллэр кытталлар.

Сүлүөтү Дьокуускайтан “Куорат эдэр олохтооҕо” оҕо хамсааһына, устудьуоннар педагогическай этэрээттэрин баһаатайдара, “Юные якутяне” ресурснай киин тэрийдилэр.

“Сүлүөт кэмигэр “На старте — первые” оройуоннар уонна куораттааҕы тэрилтэлэр быыстапка-көрүүлэригэр “Движение первых” Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын эрэгийиэннээҕи салаатын бастыҥ оскуолатааҕы хамаандатын ааттыахпыт”, — диэтэ “Юные якутяне” ресурснай киин методиһа Александр Васильев.

Кини Саха сиригэр оҕо хамсааһына пионерия эрдэхтэн сайдарын бэлиэтээтэ. “Бастакылар хамсааһыннара” эрэгийиэн ситимэ – бу уопсастыбаннай тэрилтэлэр сайдыыларыгар саҥа сүүрээн.

Саха сиригэр 413 бастакы сүһүөх салаа тэрилиннэ. Итинтэн 400 – 29 оройуон оскуолатыгар, биир – ХИФУ лиссиэйигэр, сэттэ – техникумнар уонна кэллиэстэр баазаларыгар, биэс – эрэгийиэннээҕи Ыччат министиэристибэтин биэдэмистибэннэй тэрилтэлэригэр. Хамсааһын настаабынньыгынан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев буолар. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: