Салгыы
Бастакынан сыананы чэпчэппит барыстаныа

Бастакынан сыананы чэпчэппит барыстаныа

28.07.2024, 10:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

 Чэпчэтиилээх ипотека ханнык да көрүҥэр хапсыбат дьоҥҥо судаарыстыба  киллэрбит 8 %-наах кирэдьиитэ улаханнык туһалаабыта. Ол чэпчэтии бэс ыйынан бүппүтэ.

Ырыынакка туох хаалла? Дьиэ кэргэн, Уһук Илиннээҕи, айти уонна тыа сиринээҕи ипотекалар. Ханна да хапсыбат дьоҥҥо балаһыанньа өссө ыараабыт курдук гынан баран, судаа­рыстыба ханан эрэ хайаҕас оҥорон биэрэр. Ол курдук Уһук Илиҥҥи ипотекаҕа бэс ыйыттан судаарыстыбаннай уонна муниципальнай мэдиссии­нэ, үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин халыҥ аармыйата тоҕо анньан киирдэ. Мэдиссиинэҕэ санитарканан 3 ый үлэлээ да, Уһук Илин чэпчэтиилээх ипотекатыгар хапсаҕын. Сүрүнэ, инники ууран биэрэр харчылаах буолуоххун итиэннэ 5 сыл толору бу эйгэҕэ үлэлиэххин наада, эрдэ уурайдаххына, базовай ипотека бырыһыаныгар бараҕын. Анал ба­­йыаннай дьайыы кыттыылаахтара, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ бэс ыйыттан эмиэ бу чэпчэтиинэн туһанар буоллулар. Итинэн ылан көрдөххө, хайа исписэлиис тиийбэтинэн, Уһук Илин ипотекатыгар эбии киллэрэн иһиэхтэрин сөп эбит.

Дьоллоох Дьокуускайга

Саха дьоно син биир Дьокуускайга тоҕуоруһар, дьиэ-уот ылына 34 улуус­тан 25 улуус дьоно, сүрүннээн, манна кэлэллэр. Билигин дьиэни тутааччылар микро-оройуоннарынан тутары ордордулар, дьон да саҥа сиргэ олохсуйуон баҕарарын 203-с микро-оро­йуон көрдөрдө. Онон куорат араас муннуктарыгар бииртэн биир бэртээхэй бырайыактаах тутуу бөҕө бара турар. Хамсаабат баай-дуол эспиэрэ Аркадий Назаров этэринэн, быйыл сыл бүтүүтэ 80-тан тахса дьиэ киириэхтээх. Ол аата 10 тыһыынчаттан тахса кыбартыыра. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьонун ахсаана мөлүйүөн эрэ. Ол эбэтэр 10 тыһ. кыбартыыра диэн – Саха сирин нэһилиэнньэтин 10 бырыһыана. Аны бу сылларга ылыах, туттуох айылаах дьон бары ипотекаҕа киирэн сөптөөх “быанан” баайыллан олороллор. Урут ылан, төлөөн бүтэрбиттэр салгыы киин куораттар диэки көрөллөр, тоҕо диэтэххэ биһиги дьиэбит сыаната киин куораттары кытта тэҥнэһэн хаалла.

Сыана туохтан үрдүүрүй?

Тутуу ырыынагар саха эдэр дьоно киирэн үлэлээбиттэрэ балачча кэм буолла, хампаанньа атыыга отделын салайааччыта Константин Семенов эппитинэн, кинилэр сүрүннээн Уһук Илиннээҕи ипотеканан үлэлииллэр эбит. Онон 8 %-наах судаарыстыбаннай өйөбүл уурайбытыгар улаханнык оҕустарбатахтар. “Бу 3 сыл иһигэр дьиэ сыаната лаппа үрдээтэ, – диир кини. – Дьон кыбартыыра сыаната үрдүүрүгэр дьиэ­ни тутааччылары буруйдуур. Дьиҥэр оннук буолбатах. Урут өлүүлэһэн тутуу баар этэ, тутааччы төһө кыбартыыраны атыылыыр, төһө харчыны хомуйар да, соччонон дьиэ түргэнник тутуллан киирэр этэ. Билигин дьиэни тутаргар баантан харчы ылаҕын, баан, биллэн турар, кирэдьииккэ биэрэр. Аны ол кирэ­дьиит %-на сүрүн ыстаапкаттан тутулуктаах. Билигин сүрүн ыстаапка 16 % буолан турар, өссө үрдүүр чинчилээх. Аны тутуу матырыйаала үрдүү турар, ол барыта дьиэ сыанатыгар эбиискэ буолан иһэр. Биир да тутааччы бэйэтигэр ночооттоох өттүгэр үлэлээбэт, ол түмүгэр кыбартыыра сыаната үрдээн хаалар.

Аркадий Назаров, хамсаабат баай-дуол эспиэрэ:

– Кэтээн көрдөххө, хамсаабат баай-дуол ырыынагар тахсар “бум” хайа эрэ кэм буола-буола хатыланар. Холобур, 2014 сыллаахха дуоллар өрө тахсыбыта. 2015 с. эмиэ судаарыстыбаннай өйөбүл киирэн, саҥа дьиэ сыаната өрө тахсыбыта, “вторичка” дьиэ туран хаалбыта. 2016 сылтан “вторичка” дьиэ сыаната хамсаан киирэн барбыта. Итинэн тугу этээри гынабын, бааннар көрөн олорон сыананы оонньотоллор. Бу билигин “вторичка” сыанатын бырыһыанын түһэрэн, сыанатын үрдэтиэхтэрэ. Ол иһин субу сылларга хамсаабат баай-дуол сыаната 1 мөл. солк. курдугунан үрдээри, ол эбэтэр билигин 5 мөл.-нээх кыбартыыра эһиил 6 мөл. солк. буолуо диэн сабаҕалыыбын.

Дьиэ сыаната үрдүүрүгэр өрөмүөн үлэтэ, матырыйаала ыараабыта эмиэ  эбиилэстэ. Ол курдук 300 тыһ. солк. үлэ билигин 450 тыһ. солк. буолла. Тутуу ырыынагар үлэлиир киһи аҕыйаата, хаалбыт дьон сыаналарын үрдэттилэр, иллэрээ сыл биир кв. м. өрөмүөнүн үлэтэ 2 тыһ. солк. буоллаҕына, билигин 7 тыһ. солк. буолла. 30 кв. м. кыбартыыра өрөмүөнэ 1 мөл. солк. кэриҥэ буолла. Ити дьиэ сыанатыгар наһаа күүскэ оҕуста, эбиитин бытовой тиэхиньикэ хаалар буоллаҕына, эмиэ үрдэтиһэр.

Билигин Дьокуускай куоракка дьиэ ылыан баҕарар киһи кэлин атыыга барарын ааҕан-суоттаан ылыныан наада. Тоҕо диэтэххэ, наһаа элбэх дьиэ микро-оройуоннарынан тутулла турар, тутуллуохтаах: “Билмарт” кэтэҕэр, Билибин уулуссатыгар, Бүлүү тыраагар, өрүс пуордун таһыгар, о.д.а. Аҥаардас РИА хампаанньа 7 кыбар­таалы ылан олорор. Бу дьиэлэр бары атыылаһааччыларын булуохтара дуо? Онон мин сабаҕалыырбынан, тутааччылар биир-икки сыл дьиэлэрин үрдүк сыананан тутан туруохтара, ол кэнниттэн бастакынан чэпчэппит тутааччыга атыылаһааччылар бары барыахтара. Оттон сыаналарын тутан олорбуттар хаалыахтара.

Августина Слепцова, “мАксимУм+” элбэх хайысхалаах ааҕыныстыба дириэк­тэрэ:

– Бүгүн Уһук Илиҥҥи, дьиэ кэргэн уонна IT-үлэһиттэргэ эрэ судаарыстыбаттан чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамалара үлэлииллэр. Онон дьон икки лааҕырга хайынна диэххэ сөп. Ити ипотеканан туһанар араҥа уонна онно хапсыбат өттө. Хапсар өттө саҥа тутулла турар дьиэҕэ өлүүлэһэн кыттааччы буолан, кирэ­дьиит төлүү олорор эбэтэр сир атыылаһан, дьиэ туттар. Оттон “вторичнай” ырыынак (бэлэм дьиэ-уот)  күн бүгүн олох туран хаалла, кирэдьиит %-на манна 19,8. -20 %,  чэпчээбитэ 17-18 %. Ити аата, холобур, 5 мөл. солк.  ипотеканы ылар буоллаҕына, бу атыылаһааччы ый аайы 100 тыһ. солк. кэриҥин төлүөн наада. Оттон орто хамнас 40-50 тыһ. солк. Онон бэлэм дьиэ-уот сыаната бүддьүөт үлэһитин  хамнаһыгар кыаллыбат буолан турар.

Дьиэ-уот, баай-дуол ырыынагын эспиэрдэрэ, бэлэм дьиэ-уот сыаната лаппа аллара диэки хамсыа дииллэр. Бу кэлэр ыйга Киин баан  сүрүн ыстаапканы эмиэ үрдэтээри олорор.  Ол аата бэлэм дьиэни атыылаһыы өссө уустугурар туруктаах. Билигин атыылыыр дьоннор сыаналарын лаппа аллара түһэрэр түгэннэрэ элбээтэ. Сыанатын тутан олорооччу бэйэтигэр ночооттоох усулуобуйаны үөскэтэр, бириэмэтин, ньиэрбэтин, сыратын кэтээһиҥҥэ-манааһыҥҥа кэлтэй ороскуоттуур.

Аны субсидированнай ипотека инники ууран биэрэр харчыта (первоначальный взнос) урут 10 % эбит буоллаҕына, билигин 20,1%. Ити эмиэ үгүс уустугу киллэрдэ. Уурунуу харчыта суох киһи төһө да чэпчэтиилээх ипотекаҕа хапсар да буоллаҕына дьиэни сатаан атыыласпат балаһыанньата үөскээтэ.  Онон эрдэттэн тэринэн, үп-харчы мунньунан баран, дьиэ-уот атыылаһар кэм кэллэ.

+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: