“Бастакынан – улуус иһин хааччыйыахха”
Уһун ардахтар, аһыҥа, кураан, халаан уута – Саха сирин отчуттара быйыл улахан тургутууну аастылар. Сыл тахсар оту булунуу олус уустук усулуобуйаҕа барда.
Сунтаар улууһа, билиҥҥи туругунан, 27623 туонна оту чөкөттө (былаантан 81,2 быр.). Быйыл сайын от үүммүт эрээри, икки ыйдаах ардах сүгүн оттоппокко, ону тэҥэ үрэх сирдэригэр кыайан тиийбэккэлэр, оттооһун син-биир күчүмэҕэйдээхтик ааһан эрэр. Онон сибээстээн, туох-ханнык иннинэ, улуус иһин хааччыйыахха диэн, отторо тиийбэт араас көрүҥнээх хаһаайыстыбаларга улуус иһиттэн сыл тахсар отторун булуналларыгар үлэ-хамнас барар. Ол да буоллар, уруккуттан олохтоммут сөбүлэҥинэн Мииринэй улууһун “Новай” сопхуоһун отунан хааччыйыыга сорох чааһынай дьон, ИП-лар ити дуогабардарын толоро сатыахтара эрээри, сүүс бырыһыан хааччыйыы уустуктардаах курдук.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга В.Ф.Анисимов этэринэн, быйыл былаантан 90% оттоох – 8 нэһилиэк, 70% аллараа 6 нэһилиэк бааллар. От баар курдук эрээри, хаачыстыбата мөлтөх, бэл, иккилии эрэ оту кэбиспиттэр кытта бааллар эбит. Тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениета баар кыһалҕалары, былааны толорууну үөрэтэн баран,
700 т уотурбаны, 30 т гранулированнай оту атыылаһарга,
100 т эбиэскэ сайаапка бэлэмнээбит. Дьиҥэ, эбиэс хомуура улууска түмүктэнэ илик, ол бүттэҕинэ сыыппара чопчуланыаҕа.
Сунтаар улууһугар биир үчүгэй хамсааһын быһыытынан уотурбаны оҥорор дьоҕус собуоту атыылаһыыны этиэххэ сөп. Улуус үбүлээһининэн ылыллыбыт собуот таҥыллан, Тойбохойго сэтинньигэ “кыһыл лиэнтэтэ” быһыллыахтаах. Дьоҕус собуот үлэлээтэҕинэ, уотурба үс көрүҥүн (ынахха, көтөргө, сибиинньэҕэ) таһаарыахтаах. Улуус собуоту атыылаһыыга 15 мөл. солк. кэриҥэ үбү көрбүт. Ону тэҥэ тиэхиньикэ ылыытыгар көмөлөспүттэр. Оттуур ходуһалар ууларын түһэриигэ трубчатай шлюзтары уонна туруорарга былааннаан үбүлээһин көрүллэрин туруорсуу үлэтин ыыта сылдьаллар. Тойбохойго урукку буолаларга уу быраҕыытыгар үлэлэһэллэр. Мелиорация үлэтин таба өйдөөн, улууска мелиорация филиалын арыйарга үлэ ыыталлар. Билиҥҥитэ сунтаардары Ньурбатааҕы филиал хааччыйар. Онон Сунтаар улууһа уонна чуолаан, тыа хаһаайыстыбатын управлениета сүөһү-сылгы ахсаанын аччаппат туһугар улуус иһигэр отунан хааччыйыыга күүскэ үлэлиир санаалаахтарын бэлиэтиэххэ сөп.
Хомуурга – субуотунньук
Ленскэй улууһугар 1840 сүөһү, о.и. 772 ынах сүөһү, 1910 сыспай сиэллээх, о.и. 996 биэ иитиллэн турар. Сүөһү-сылгы этэҥҥэ сыл тахсарыгар 6000 т оту соҕотуопкалыыр былаан (былырыын улуус 5500 т былааны толорбута уонна 500 т кур оттооҕо) сүктэриллибитэ. 35 км тэйиччи сиргэ оттооччуларга анаммыт көмө харчы министиэристибэттэн “Аартык”кэпэрэтиип уонна “Батамайдааҕы” ХЭТ икки мобильнай биригээдэтигэр тиийбит. Билиҥҥи туругунан улуус тэрээһиннээх уонна кэтэх хаһаайыстыбаларыгар 1155 т эбии от наада. Онон улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета (нач. И.К.Захаров) эбии от атыылаһыыга кэпсэтиилэри ыытар. Ол курдук, Сунтаар улууһун Сиэйэтиттэн 100 т ыларга кэпсэппиттэр. Ону тэҥэ Өлүөхүмэттэн 200 т соломону, Ленскэй кэтэх хаһаайыстыбаларыттан 100 т, Хаҥалас арыытыгар оттообут дьонтон 282 т оту атыылаһыахтара. Онно эбии сүөһү эбии аһылыгын сакаастыыллар. Ол курдук, “Батамайдааҕы” ХЭТ 600 т уотурбаны, “Аартык” ТХПК 60 т, уопсайа 2 контейнер гранулированнай оту сакаастаатылар. Сиилэһи угуу хайыы-үйэ 90 быр. бэлэм буолла.
– Таарыйа хомуур үлэтин кэпсээтэххэ, хортуоппуйбутун 90% хомуйдубут. Онон хортуоппуй хостооһунун чугаһаттыбыт. Оҕуруот аһын хомууругар улахан субуотунньугу тэрийдибит. Тоҕо диэтэххэ, аһары ардаан, тыраахтардар, комбайннар бааһынаҕа кыайан киирбэккэлэр, илиинэн хомуйууну саҕалаабыппыт. Субуотунньугу тэрийиигэ улуус дьаһалтата вахтовик массыыналарынан хааччыйда. Онон оройуон кииниттэн 5,5 чаас айаннаан тиийэн үлэлээтилэр. Дьаһалта, тиэхиньикум, Биэнсийэ пуондатын үлэһиттэрэ көмөлөстүлэр. Оҕуруот аһыгар былааммытын толоруохпут диэн эрэнэбит. Аны хаардаан эрэр, – диэн кэпсээтэ Иван Константинович.
“Оттуур сири кэҥэтиигэ үлэлэһиэххэ”
Мэҥэ Хаҥалас улууһун саамай уустук суоллаах-иистээх кытыы Чыамайыкы нэһилиэгэр быйыл сайын 1500 т оту чөкөтөр сорудах бэриллибититтэн, туруу үлэһит дьонноох нэһилиэк 1848 т оту кэбиһэн, сүөһү-сылгы кыстыгар этэҥҥэ киирдэ. “Дьячковскай Ю.В.” ИП, Эдгар Дьячковскай, Станислав Семенов, Николай Федоров уо.д.а. хаһаайыстыбалар оттооһуҥҥа үчүгэй көрдөрүүлээхтэр. Онон ордор 90 т оту улуус уонна нэһилиэк иһигэр батарыахтара. Атыылыыр-атыылаһар дьон бэйэ-бэйэлэрин уруккуттан билсэр буолан, ити туох да сүпсүгүрүүтэ суох барар.
Ол эрээри кытыы сир олохтоохторо сэлээркэҕэ, тиэхиньикэ саппаас чааһыгар толуйуу көрүллэрэ, чэпчэтии оҥоһуллара буоллар диэн баҕалаахтар. Саҥа талыллыбыт баһылык Александр Захаров этэринэн, инники өттүгэр ходуһа оҥоруутугар күүскэ үлэлэһэр санаалаахтар. Оччоҕуна Иван Федоров, Альберт Васильев, Егор Дьячковскай, Алексей Федоров, Семен Уткин уо.д.а. курдук быйыл үчүгэй көрдөрүүлээх салайааччылаах хаһаайыстыбалар, биирдиилээн отчуттар өссө турунан оттуо этилэр.
– Дьиҥэ, сүөһү ииттиэн баҕалаах элбэх. Оттуур ходуһалар эргэрэн, аччаан иһэллэр. Дулҕаны астаран, оттуур сири кэҥэтиигэ үлэлэһэргэ биһигиттэн чугас Тиэлиги, Хочо, Бырама бөһүөлэктэригэр, холобура, биир уопсай тиэхиньикэни ылан биэрэллэрэ буоллар, мелиорация үлэтин ыытыыга үлэ барыа этэ. Бу дьоҕус нэһилиэгим ыалын барытын кэрийдим. Онуоха олохтоохторум маннык баҕа санааларын тиэрдэллэр. Кыра да буоллар көмөҕө тиксибэккэ хаалабыт диэн хомолтолорун этэллэр. Үксүн кыахтаах тэрилтэлэр граннары ылаллар, орто хаһаайыстыбалар уонна кэтэхтэр итинтэн маталлар. Онон итини наардаан тыыраллара буоллар диэн баҕалаахтар. Тыа дьоно биирдии буочука сэлээркэ да ыллахтарына үөрүү буолуо этэ. Чааһынайдар үлэлиэн баҕалаахтар элбэхтэр, көмө баара буоллар, хамсааһын тахсыа этэ, – диир Александр Петрович.
Чурапчыга быйыл сүүсчэ хаһаайыстыбаны, уопсайа түөрт нэһилиэги хааччыйаары олорор Н.И.Петрову билбэт киһи суох быһыылаах. Кини быйыл сэттэ сиринэн оттооһуну тэрийбит. Нам, Хаҥалас, Ньурба, Амма улуустарын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Күн-дьыл туран биэрбитэ буоллар, быйыл сайын элбэх оту кэбистэрэрэ хааллаҕа.
Тыа сиригэр сүөһү-сылгы ахсаанын аччаппат туһугар туруулаһар үлэһит дьону – отчуттары норуот дьокутааттара, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, улуустар дьаһалталара араас хабааннаахтык өйүөхтэрин наада.
Нам, Хаҥалас уонна Уус Маайа оройуоннара оттооһун былаанын аһары толордулар.
Бу туһунан алтынньы 4 күнүгэр сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньатын хаамыытын туһунан брифиҥҥэ СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин департаменын салайааччыта Вячеслав Гаврильев иһитиннэрдэ.
Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Чурапчы улуустара уонна Дьокуускай куорат бүгүн оттооһун былаанын 90 % куоһардылар.
Вячеслав Гаврильев иһитиннэрбитинэн, алтынньы 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 385 111 туонна от соҕотуопкаланна, ити былаан 87 % тэҥнэһэр.
Эрэгийиэҥҥэ 57 мобильнай биригээдэ салгыы оттуур. Билиҥҥи туругунан кинилэр ыраах сытар учаастактарга
43 979 туонна оту кэбистилэр.
Хаартыска: Мэҥэ Хаҥаластан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: