Ольга Колмакова: “Бастатан туран, педагогпыт, ол эрэ кэнниттэн…”
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл дириэктэрэ-2023” куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин муҥутуур кыайыылааҕа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “СӨ мэтэдиис учуутала” бэлиэ хаһаайына, педагогическай династия чилиэнэ, Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ Ольга Колмакова.
Учууталлар эйгэлэриттэн
— Ольга Васильевна, тоҕо учуутал идэтин талбыккыный? Атын идэлэри сыымайдаан көрбүтүҥ дуо?
— Идэбинэн кэргэмминээн иккиэн математика учууталларабыт, Саха судаарыстыбаннай университетын математика уонна информатика институтун бүтэрбиппит. Биһиги оскуоланы бүтэрэрбит саҕана учуутал уонна быраас идэлэрэ ордук киэҥник биллэллэрэ. Ийэм — миэдик, эдьийим — учуутал. Учууталлар эйгэлэригэр улааппытым, династияны салҕааччылартан биирдэстэрэбин. Миэдик идэтигэр туттарсар санаалар бааллара эрээри, сүрэҕим сытар, ордук судургутук бэриллэр математиканы талбытым. Учуутал быһыытынан үлэбин Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин II — III сүhүөхтээх, билигин В.П.Ларионов аатынан оскуолаттан саҕалаабытым. Салгыы улуустааҕы гимназияҕа, куоракка Саха гимназиятыгар учууталлаабытым, 2015 сылтан дириэктэрдиибин.
АЛЛАРАА БЭСТЭЭХ 2-С НҮӨМЭРДЭЭХ ОСКУОЛАТА
– Ольга Васильевна, оскуолаҕыт бүгүҥҥү үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.
– Оскуолабытыгар 440 үөрэнээччилээхпит. Аллараа Бэстээххэ тимир суол кэлиитинэн сибээстээн, 2010 сылтан саҕалаан сыыйа хамсааһыннары киллэрэн, оскуола ис туругун уларытан, билигин политиэхиньиичэскэй хайысханы тутуһан үлэлиибит.
Оскуоланы бүтэрээччилэр 100 бырыһыан үөрэххэ киирэллэр, итинтэн үрдүк үөрэххэ – сэттэ уонча бырыһыана. Олохтоох университекка элбэх оҕобут үөрэххэ киирэн, биир кэлим эксээмэҥҥэ көрдөрүүбүт үчүгэй, олимпиадаҕа кыттыыбыт үрдүк буолан, 2022 сыл түмүгүнэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бастыҥ оскуолата үрдүк ааты ыллыбыт.
САХА ТЫЛЫН ҮӨРЭТИИ
– Аллараа Бэстээх араас омуктар тоҕуоруһан олорор сирдэрэ. Эһиги оскуолаҕытыгар саха тылын үөрэтии хайдаҕый?
– Урукку сылларга саха тылын үөрэппэт эбит буоллахтарына, 2009 сылтан сахалыы кылаастар аһыллыбыттара. Кэлин саха тылын судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтиини киллэрбиппит, ол эбэтэр нуучча да кылаастара саха тылын биридимиэт быһыытынан үөрэтэллэр. Инньэ гынан, күн бүгүн саха тылын омугуттан тутулуга суох бары үөрэтэллэр.
— Мин тылым буолбатах, үөрэппэппит эҥин диэччилэр бааллар дуо?
— Хата, суох. Оҕо маҥнайгы кылааска киирэригэр төрөппүккэ барытын быһааран биэрэбит. Атын сирдэртэн, букатын нуучча тылын билбэт оҕолор эмиэ кэлэллэр. Олорго туспа “Инофоны” уонна “Билингва” диэн бырагыраамалардаахпыт. Бастакы сыл нуучча тылын, салгыы саха тылын үөрэтэн бараллар.
АНЫГЫ ОҔО УОННА КУЙААР СИТИМИН ДЬАЙЫЫТА
– Билиҥҥи уонна бэйэҥ көлүөнэҥ оҕолорун тэҥнээн көрөҕүн дуо, туох уратылаахтар дии саныыгын?
– Биһиги саҕана үөрэнээччи информацияны иҥэринэр кыаҕа олус аҕыйах этэ: кинигэ, учуутал, бибилэтиэкэ, тэлэбиисэр. Оттон билиҥҥи оҕолор үчүгэйи да, куһаҕаны даҕаны ылар эйгэлэрэ киэҥ. Аныгы кэмҥэ информация элбэх, онтон саамай суолталааҕын, туһалааҕын сыыйан ыла үөрэниэхтээхтэр.
— Билиҥҥи оҕоҕо, кырдьык, ити кыайтарбат. Эһиги оскуола ити хайысхаҕа туох үлэни ытаҕыт?
Тустаах боппуруос төрөппүттэртэн улахан тутулуктаах. Ол иһин оҕо оскуола боруогун атыллаатын кытта үлэни ыытан, төрөппүттэри иһитиннэрэн, быһааран саҕалыыбыт. Саамай өйдөрө-санаалара уларыйар, олохсуйар саастарыгар куһаҕаҥҥа интэриниэт эйгэтиттэн үөрэниэхтэрин сөп. Оҕо төлөпүөнүгэр “төрөппүт хонтуруолун” туруораллара, кэтээн көрөллөрө ирдэнэрин, оҕо төрөппүккэ эрэнэрин курдук истиҥ сыһыаны олохтооҥ, элбэхтик кэпсэтиҥ, тугу этэрин болҕойон истиҥ диэн сүбэлиибит. Мин учууталларга, төрөппүттэргэ даҕаны этэр этиим биир – оҕоҕо чугас буолуҥ. Оҕо атын, куһаҕан эйгэҕэ сыстан эрэрэ туораттан көстөр. Төһө даҕаны дириэктэрдээбитим иһин, күн бүгүҥҥэ диэри математика уруогун үөрэтиим, уруоктарга сылдьан көрөр биир төрүөтүм ити – үөрэнээччини кытта быһаччы алтыһыы. Төрөппүт, үөрэтээччи оҕоҕо төһөнөн чугас да, соччонон эрэллээх, куһаҕаҥҥа умньаммат. Улахан дьон өйөбүлүн булбатах оҕо ону атын сиртэн, интэриниэттэн эмиэ көрдүүр.
Урут оҕо таһырдьа элбэхтик оонньоон бэйэтин тэҥнээҕин, биир санаалааҕын булар эбит буоллаҕына, аныгы оҕо үксүн интэриниэккэ олорор.
НАЦИОНАЛЬНАЙ БЫРАЙЫАК ҮӨРЭХТЭЭҺИН БАРЫ ЭЙГЭТИН ХАБАР
– Ольга Васильевна, дойду үөрэҕин миниистирэ эбитиҥ буоллар, үөрэх систиэмэтигэр тугу уларытыаҥ этэй?
– Миниистир да буолбатарбын, тугу уларытыаҥ этэй диэн ыйытыыга хоруйдуурум ордук эбитэ дуу… Мин көрдөхпүнэ, федеральнай бырагыраамалар олус сөптөөхтүк үлэлии тураллар. Дойду үрдүнэн Национальнай бырайыак үөрэхтээһин эйгэтигэр туох-баар хайысханы барытын хапта. Ол көдьүүстээҕин дуу, туһата суоҕун дуу, илэ көрөр дьон биһиги, оскуолаҕа быһаччы үлэлээччилэр буолабыт. Быйылгы дьылга каадыры кытта үлэҕэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В.Путин тус дьаһалынан Педагог уонна уһуйааччы сылын биллэрбитэ учууталлар үлэлэрин сүрдээҕин өрө тарта, элбэх куурустар, күрэхтэр ыытылла тураллар. Итиэннэ айылҕаттан айдарыылаах, дьоҕурдаах оҕолорго улахан болҕомто ууруллар бырайыактарын биһириибит. Холобур, оҕо научнай-чинчийэр уонна араас таһымнаах олимпиадаларга кыттар дьоҕурдарын сайыннарар, интеллект өттүнэн сайдыылаах оҕолору кытта үлэ күүскэ ыытыллар. «Инники кэскил идэлэрэ» бырайыактары кэскиллээхтэринэн ааҕабын, оҕолору эрдэ идэҕэ уһуйуохха наадатын өйдүүбүн. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору туспа үөрэппэккэ, доруобай оҕолору кытта бииргэ үөрэтии (инклюзивнай үөрэхтээһин) саамай сөптөөх диэн көрөбүн. Тоҕо? Биһиэхэ омугуттан ураты өссө хараҕынан мөлтөх, кулгааҕынан үчүгэйдик истибэт, хамсанар-имсэнэр аппараата кэһиллибит, үөрэҕи ыарырҕатар, о.д.а. араас диагнозтаах оҕолор бааллар. Ол эрээри, кинилэр үгүстэрэ үөрэҕи олус үчүгэйдик ылыналлар, сайдаллар. Ити бырагыраама маҥнай олоххо киирэригэр оскуолалар ыараханнык ылыммыт эбит буоллахтарына, мин сөптөөх диэн бэлиэтиибин.
Аны билигин байыаннай-патриотическай иитии ирдэбил быһыытынан киирэн турар. Биһиги оскуолабытыгар патриот учууталлаах буолан, ити хайысха биһиэхэ тохтообокко үлэлээбитэ. Ол иһин сөптөөх суолу, хайысханы тутуһан олорор эбиппит диэн көрөбүн.
Арай, биири бэлиэтиэм этэ. Оскуола материальнай өттүнэн хааччыллыыта куораттан, тыа сириттэн тутулуга суох тэҥ таһымнаах буолуон баҕарабын. Билигин куоракка тутуу үгүстүк барар, улууска сылга биир оскуола тутуллар. Оскуола материальнай-тиэхиньиичэскэй баазатыттан наһаа улахан улахан тутулуктаах. Баҕар, бу чопчу мин эрэ көрүүм буолуо. Тоҕо диэтэххэ, төһө даҕаны улуус киинигэр олордорбут, саамай кыараҕас оскуолалаахпыт, 440-тан ордук үөрэнээччини ылар кыахпыт суох.
ОҔОНУ ИИТИИ
– Билигин оҕо буруйу оҥордо да оскуолаҕа иитии үлэтэ барбатах дииллэр. Эн итиннэ төһө сөпсөһөҕүн?
– Тустаах тиэмэҕэ кэпсэтии элбэхтик тахсар. Биһиги ити ыһыллыы кэминээҕи уопсай көтүтүүбүт (пробел) дии саныыбын. Өскөтүн, уларыта тутуу кэмигэр туспа идеологиялаахпыт эбэтэр уруккуну тутан хаалбыппыт эбитэ буоллар, билигин ити кыһалҕа күөрэйиэ суохтаах этэ. Оҕоҕо кыра кылаастан болҕомто уурар, мүччү туппат туһугар төрөппүтү кытта наһаа элбэх үлэни ыытабыт. Төрөппүт уонна оскуола биир ситимнээх, санаалаах үлэлээтэхтэринэ иитиигэ боппуруос күөрэйбэт. Оскуола уонна ийэ, аҕа көрүүтэ сороҕор уратылаһар. Төрөппүт оҕотун сиэри таһынан көмүскэһэр буоллаҕына, кэмниэ-кэнэҕэс, хойутун хойут оскуола чахчы сөпкө гыммыт, ону сөпсөспөтөхпүт диэн этинээччилэр. Ол иһин бииргэ үлэлиир, оҕо кыра буруйу да оҥордоҕуна кэмигэр сөпкө өйдөтөр, миэрэни ылар булгуччу наада. Тус бэйэм оҕо бэйэтин анаалыстана, толкуйдуу үөрэнэригэр, бу балаһыанньаҕа атыннык дьаһаммыт түгэнигэр түмүк хайдах буолуон сүбэлиибин, төрөппүккэ эмиэ ону тириэрдэргэ дьулуһабын. Оҕо аһаҕас, чугас, кини кимиэхэ эрэ аһыллар кыахтаах түгэнигэр элбэх сыыһа туттунууттан куотуон сөп. Учууталларым кыһалҕаламмыт буоллахтарына, ону бэлиэтии көрөн эмиэ кэпсэтэргэ дьулуһабын. Эһиги аан маҥнай педагогтаргыт, ол эрэ кэнниттэн эр киһигит, дьахтаргыт, ийэҕит, аҕаҕыт диибин.
“СЫЛ ДИРИЭКТЭРЭ” КУОНКУРУС
– Аны куонкуруска киириэххэ. Туох сыаллаах кыттыбыккыный? Кыайыам диэн санаа баара дуо?
– Олус баҕаран, талаһан туран кыттыбатаҕым. Улуустааҕы үөрэх управлениетыттан эрийэн, “эн кыттаргар эрэнэбит” диэбиттэригэр сөбүлэстэҕим дии. Кылгас кэм иһигэр оскуолам туох уратытын көрдөрдөхпүнэ ордук сүүйүүлээх, табыгастаах буолуон сөбүй диэн толкуйдаабытым. Ити боппуруостарга улахан болҕомтону уурбутум уонна хамаандабын кытта сүбэлэспитим, салгыы аан бэйэтэ аһыллан, сааһыланан барбыта. Аан бастакы эрэ хардыым ыарахан этэ.
Барыта 21 дириэктэр кыттыбыта. Эспиэрдэр бэрт сэргэх ыйытыылары биэрбиттэрэ, итинник ыйытыылары истибэтэҕим ырааппыт эбит, киһи да, дириэктэр даҕаны быһыытынан сайдарбар улахан суолу-ииһи хааллардылар дии саныыбын. Холобур, “Дириэктэр быһыытынан туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй?” диэн ыйыппыттарыгар бэйэм-бэйэбиттэн соһуйбутум, балачча толкуйдуу түһэн баран хоруйдаабытым. Быйыл тохсус сылын дириэктэрдиибин, үлэбин ыарахан, уустук диэн ылыммат, күннээҕи кыһалҕа үөскээтэҕинэ, уталыппакка быһаарыллыахтаах диэн толкуйдуур эбиппин. Куонкуруска тута ити курдук хоруйдаабатаҕым. Хаһан, ханна ыараханы, туох уустугу көрсүбүппүн толкуйдуу түһэн баран эппитим. Онтум, оскуола хайысхатын уларытыыга балачча сырабын уурбут эбиппин. Бэстээх оскуолата биэс күннээх эрэсииминэн үлэлии олорбутун, алта күннээххэ көһөрдөхпүт, оччолорго дириэктэри солбуйааччы этим. Субуотаҕа төрөппүттэргэ биирдиилээн төлөпүөннээн, оҕо туох төрүөтүнэн үөрэҕин көтүппүтүн туоһулаһарым. Ити кэмнэргэ оскуола укулаатын, дьон көрүүтүн-истиитин уларытыыга ыарахаттары көрсүбүт эбиппин диэн толкуйдаабытым.
— Куонкурус кэнниттэн бэйэҕэр туох түмүгү оҥоһуннуҥ уонна инникитин тугу учуоттуур ирдэнэр эбит дии санаатыҥ?
— Куонкурус барыта биэс түһүмэхтээх этэ: тест, визитка, стратегическай быһаарыы, маастар-кылаас, пресс-кэмпириэнсийэ.
Бэйэни билиһиннэриигэ (визитка) маҥнай видеонан ролик устан ыыппыппыт, куонкуруска тиийэн ону салгыы TED көрүҥүнэн кэпсээбиппит. Бу биһиэхэ арыый да аныгылыы көрүҥ диэххэ сөп. Стартегическай быһаарыыга кылгас кэм иһигэр атын оскуола ханнык суолу тутустаҕына сайдыахтааҕын, билигин үлэлии олорор хайысхатыгар туох тиийбэтин ыйан бэриллиэхтээх. Бу эмиэ киһини элбэххэ үөрэтэр, инникитин дириэктэр үлэтигэр туһанар кыахтаах түһүмэҕэ. Уопсайынан, куонкуруска эспиэрдэр биэрбит ыйытыыларын биһирии иһиттим. Тус бэйэм сайдарбар итинник ыйытыылары истибэтэҕим быданнаабыт. Куонкурус миэхэ наадалаах кэммэр ыытыллыбыт дии санаатым. Ол иһин муҥутуур кыайыылааҕынан ааттамматаҕым да эбитэ буоллар, син биир куонкурустан улахан дуоһуйууну ыллым диэх этим.
— Ольга Васильевна, эрэнэбит, Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэххэ ситиһиилэри баҕарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: