Бастрыкин Саха сиригэр сүппүт эр киһи дьыалатын хонтуруолга ылла
16.09.2025, 18:29

Хаартыска: Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтэ
Бөлөххө киир:
Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмититэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Бастрыкин Томпо оройуонугар эр киһи сүппүтүнэн холуобунай дьыала хаамыытын дакылааттыырга ирдээтэ.
Ол курдук Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтин Информационнай киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтооҕуттан Томпо оройуонугар 26 саастаах уола сүппүтүнэн иһитиннэрии киирбит. Атырдьах ыйыгар эр киһи чугас дьонугар Хаандыгаттан Теплый Ключ бөһүөлэгэр кэллиэгэтин кытары барар санаалааҕын туһунан биллэрбит. Ол кэнниттэн эр киһи сибээскэ тахсыбатах.
Хас да нэдиэлэ ааспытын кэннэ, кини төлөпүөнүн Алдан өрүс кытыытыттан булбуттар. Сайабылыанньаны киллэрбит дьахтар этэринэн, уолун сүтүүтэ криминалы кытары сибээстээх буолуон сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: