Салгыы
Бэйэни салайыныыга бастыҥ үлэ

Бэйэни салайыныыга бастыҥ үлэ

Ааптар:
25.12.2024, 12:00
Мария Павлова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу ый 24 күнүгэр 59 бастыҥ барыл түмүллэн киирбит «Лучшие реализованные проекты СО НКО и ТОС Горного улуса» сурунаал сүрэхтэниитэ бары кыттыылаахтарга умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ.

Горнай улууһа бары салааларга Өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьарынан киэн туттабыт. Ол курдук, биһиги улууспут Өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх кинигэни бэлэмнээн таһааттарар, бэчээккэ суруйтарар улуустар ахсааннарыгар киирэр. Үйэлээҕи оҥорон кэлэр кэнчээри ыччакка хаалларар, атын дьоҥҥо холобур буолар ытык иэспит буоларын бары билэбит, өйдүүбүт.

Улууспут сайдыытыгар бигэ тирэх, инникитин саҥа барыллар олоххо киирэ туралларыгар төһүү-күүс буолар сурунаалбыт сүрэхтэннэ.

Суранаалга 59 бастыҥ барыл түмүллэн киирдэ. 132 сирэйдээх, 57 тирээһинэн, улуус дьаһалтатын үбүлээһининэн бэчээттэнэн таҕыста. Сурунаал ис тутулугар киирдэххэ – граннарынан, ол иһигэр сылларынан, нэһилиэктэринэн арахсар. Киирбит бырайыактартан сырдатар буоллахха киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Альмира Алексеева 2022 сыллаахха «Творческая студия #БукТок» диэн бырайыагынан культура көҕүлээһиннэрин Бэрэсидьиэн пуондатын гранын ылбыта. Бу бырайыак оҕолору, эдэр ыччаты аныгылыы ньыманан социальнай ситим нөҥүө ааҕарга уһуйар. Бырайыак түмүгүнэн  букТоктар, буклуктар, буктрейлердар, подкастар оҥоһуллубуттара.

Улууспут баһылыга Никита Викторович Андреев сурунаал күн сирин көрөрүгэр үлэлээбит киин бибилэтиэкэ барыл салаатын тутаах үлэһиттэригэр Саргылана Петроваҕа, Семен Семеновка уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы Тимченко пуондатын «Среда возможностей» гранын  кыайыылаахтарыгар Ольга Громоваҕа, Клавдена Алексееваҕа, Анастасия Слепцоваҕа, Илья Алексеевка үөрүүлээх быһыыга-майгыга үлэлэрин үрдүкү таһымын туоһулуур махтал суругун туттарда.

Улууспут баһылыгын бастакы солбуйааччыта Сардаана Степановна Стручкова сурунаалга киирбит биэс бастыҥ барыл кыайыылаахтарын Мария Прохорованы, Александра Колесованы, Марианна Николаеваны, Татьяна Павлованы, Ксения Васильеваны 5000 тыһыынча сууммалаах сэртипикээтинэн наҕараадалаата.

Түмүгэр бары кыттыылаахтар төгүрүк остуол тула аһаҕас кэпсэтиигэ бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Улууспутугар барыл үлэтэ сайдарын, көрдөрүүтэ үрдүүрүн туһугар өссө да үлэни кыайа тутуох буоллулар.

Мария Павлова суруйуута,

Бэрдьигэстээх, Горнай.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: