Бастыҥ дьиэ кэргэттэр сэлэлээн хаамсыахтара
От ыйын 8 күнүгэр киин куоракка Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу Бүтүн Арассыыйатааҕы күнүгэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьиэ кэргэн бэстибээлин чэрчитинэн, Дьокуускайга бырааһынньыктааҕы сэлэлээн хаамыы буолуоҕа.
Сэлэлээн хаамыы от ыйын 8 күнүгэр күнүс 3 чаас 40 мүнүүтэттэн 4 чааска диэри Киров уулуссатын устун — цииркэ искибиэриттэн Комсомольскай болуоссакка диэри буолуоҕа. Кыттааччылар 3 чааска мусталлар.
Манна сыбаайбаларын былааччыйатын кэппит саҥа ыал буолбут эдэрдэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр, «үрүҥ көмүс» дьиэ кэргэттэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр уонна үлэ кэлэктииптэрэ хаамыахтара.
Биллэн турар, параакка улахан болҕомтону киэргэтиллибит кэлээскэлээх дьиэ кэргэттэр тардыахтара.
Параат кэнниттэн, күнүс 4 чаастан Комсомольскай болуоссакка бастыҥ дьиэ кэргэттэри, кыайыылаахтары наҕараадалыахтара. 25-тэн тахса сыл бииргэ олорбут бастыҥ ыалларга “За любовь и верность” мэтээллэри туттарыахтара, ону тэҥэ, эстрада ырыаһыттара кыттыылаах кэнсиэр буолуоҕа.
Комсомольскай болуоссакка 3 чаастан 6 чааска диэри быыстапкалар тэриллиэхтэрэ, оҕолорго уонна кинилэр төрөппүттэригэр анаан маастар-кылаастар, күрэстэр, оонньуулар ыытыллыахтара.
Дьиэ кэргэн бэстибээллэрин уонна атын да маннык тэрээһиннэри ыытыы үгэс буолбут ыал сыаннастарын тарҕатар, дьиэ кэргэн, ийэ уонна аҕа буолуу статуһун үрдэтэр, көлүөнэлэр икки ардыларынааҕы ситими бөҕөргөтөр сыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: