Бастыҥ дьиэ кэргэттэр сэлэлээн хаамсыахтара

Share

От ыйын  8 күнүгэр киин куоракка Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу Бүтүн Арассыыйатааҕы күнүгэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьиэ кэргэн бэстибээлин чэрчитинэн, Дьокуускайга бырааһынньыктааҕы сэлэлээн хаамыы буолуоҕа.

Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

Сэлэлээн хаамыы от ыйын 8 күнүгэр күнүс 3 чаас 40 мүнүүтэттэн 4 чааска диэри Киров уулуссатын устун — цииркэ искибиэриттэн Комсомольскай болуоссакка диэри буолуоҕа. Кыттааччылар 3 чааска мусталлар.

Манна сыбаайбаларын былааччыйатын кэппит саҥа ыал буолбут эдэрдэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр, «үрүҥ көмүс» дьиэ кэргэттэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр уонна үлэ кэлэктииптэрэ хаамыахтара.

Биллэн турар, параакка улахан болҕомтону киэргэтиллибит кэлээскэлээх дьиэ кэргэттэр тардыахтара.

Параат кэнниттэн, күнүс 4 чаастан Комсомольскай болуоссакка бастыҥ дьиэ кэргэттэри, кыайыылаахтары наҕараадалыахтара. 25-тэн тахса сыл бииргэ олорбут бастыҥ ыалларга “За любовь и верность”  мэтээллэри туттарыахтара, ону тэҥэ, эстрада ырыаһыттара кыттыылаах кэнсиэр буолуоҕа.

Комсомольскай болуоссакка 3 чаастан 6 чааска диэри быыстапкалар тэриллиэхтэрэ, оҕолорго уонна кинилэр төрөппүттэригэр анаан маастар-кылаастар, күрэстэр, оонньуулар ыытыллыахтара.

Дьиэ кэргэн бэстибээллэрин уонна атын да маннык тэрээһиннэри ыытыы үгэс буолбут ыал сыаннастарын тарҕатар, дьиэ кэргэн, ийэ уонна аҕа буолуу статуһун үрдэтэр, көлүөнэлэр икки ардыларынааҕы ситими бөҕөргөтөр сыаллаах.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago