Салгыы
Бастыҥ эмчити, учууталы «лайк» быһаарара хомолтолоох…

Бастыҥ эмчити, учууталы «лайк» быһаарара хомолтолоох…

29.09.2024, 15:00
Хаартыска: Андрей Сорокин. СИА
Бөлөххө киир:

Аныгы олоххо Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустартан саҕалаан, уһуйаан оҕотун күрэһигэр тиийэ куоластаталлар. Сороҕор, киһи үтүөтэ, оҥорбут дьыалата сыаналаммакка, кини төһө элбэх билэр киһилээҕэ түмүгү быһаарар курдук.

 

Куоластатыы – дьон санаатын истии, табыгас­таах, түргэн ньыманан элбэх киһини хабыы, уопсастыбаны хамсатыы, тэрилтэни, бэйэ бородууктатын, эбэтэр, чопчу киһини, кини үлэтин билиһиннэрии сыалларын-соруктарын толорор. Онон куоластатар киһи, дьиҥэ, барыһырар.

Бүтүн Арассыыйатааҕы улахан куонкурустарга регис­трацияланан, аатын-суолун, дааннайын суруйан эрэ баран, эбэтэр, “Госуслуги” порталга, “ВКонтакте” социальнай ситимҥэ аккауннаах киһи киирэн куоластыыр кыахтаах.

Ол курдук, Бүтүн Арассыыйатааҕы гражданскай көҕүлээһин куонкуруһугар, Нуучча географическай уопсас­тыбатын хаартыскаҕа күрэһигэр, “Госуслуги” портал “2026 сыл култуурунай киин куоратын талыы” күрэһигэр, о.д.а. куоластааһын нөҥүө кыайыылааҕы талаллар.

Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл бастыҥ ыала” номинациятыгар эдэр ыалы талыыга, үрүҥ эһэ Колымана оҕолоругар аат иҥэриигэ, о.д.а. бүттүүн куоластаабыппыт. “Алмаасэргиэнбаан” куоластаа­һыҥҥа кыайбыт улуустарга 3 мөл. солк. түҥэппитэ.

«Жилье и городская среда» национальнай бырайыагынан тутуллар эбийиэктэри талыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын 2022 сылтан көхтөөхтүк ыытыллар. Арассыыйа олохтоохторо талбыт 7 тыһыынча эбийиэктэриттэн 4,5  тыһыынчаттан тахса эбийиэккэ тупсарыы, тутуу үлэлэрэ түмүктэнэн, олоххо киирбиттэрэ.

2024 сыллаахха муҥутуур элбэх – 17,1 мөлүйүөн киһи куоластаабыта. Дойду 14-тэн аҕа саастаах хас алтыс олохтоо­ҕо бу куонкуруска куоластаабыта диэн тэрийээччилэр киэн тутта суруйаллар.

Чахчыта, бу куонкуруска үгүспүт куоластаабыта – ол түмүгэр куораттарга, улуустарга болуоссаттар, искибиэрдэр, спортивнай, оҕо былаһааккалара тутуллубуттара.

Холобур, Дьокуускайга Ийэ искибиэрин, Федор Попов искибиэрин, “Ытык сир” паарканы, Юрий Гагарин искибиэрин тутуу, Сайсары күөл кытылын оҥоруу, Бүлүүгэ Эргэ куораты, “Ийэ алааһа” сынньанар сири, Сунтаарга киин болуос­саты, Экологтар искибиэр­дэрин тутуу, о.д.а.

Хас биирдии улууска маннык хас да эбийиэк баара буолуо. Сороҕор, маннык куоластатыы нэһилиэк, улуус дьонун сомоҕолуур курдук буолааччы: “Үөһээ Бүлүүлэр, кытаатыҥ, аҕыйах куолаһынан кыайтаран иһэбит, Бүлүү алларатыгар түһэн эрэбит…”

Онон олохпутугар куолас­тааһын эрэ элбэх. Социальнай ситимнэргэ ыытыллар күрэстэри этэ да барбаккын.

Түөкүттэр угаайылара

Түөкүттэр угаайылара күнтэн күн уларыйан, сайдан иһэр. Дьон итэҕэйэрин билэннэр, аны сымыйа куоластааһыны тэрийэллэр. Холобур, билэр киһиҥ аатыттан ыыталлар: “Баһаалыста, бу мин оҕобор/аймахпар куоластаа” диэн.

Кинилэр ыыппыт сигэлэринэн киирдэххинэ, тус дааннайдаргын уоран ылан, баан счетуттан харчыгын сойботоллор. Онон куоластыыр буоллахха, эрэллээх эрэ саайтарга, социальнай ситимнэргэ киирэн куоластааҥ. Бу ыыппыт киһини кытта сирэй кэпсэтэн баран, куоластыыр ордук.

“Мин учууталбар куоластааҥ!”

Соторутааҕыта биир улуус үөрэххэ управлениета педагогтарга күрэс биллэрбитэ. Онно кыайыылааҕы куоластааһынынан талбыттара. “Куоластааҥ!” диэн ыҥырыы олус элбэхтик тарҕаммыта. Педагог билиитэ, уопута, талаа­на сыаналаммыта дуу, элбэх киһини билэрэ дуу?

Маннык куоластааһыннарга төһө итэҕэйэҕитий? Ол туһунан дьон туох санаалааҕын билээри, ыйытыкка хоруйдары ыллым.

“Сөп дуу, сыыһа дуу?”

Майя Павлова, Сунтаар с. олохтооҕо:

– Дьэ, бу баар дьыала. Мин бэйэм маннык күрэстэргэ хаста да кыттан турардаахпын. Онон хайдах курдук кыһыы­лааҕын бэйэбинэн билэбин. Аны итинник, куолаһынан быһаа­рыылаах диэни көрдүм эрэ, кыттыбат буолбутум. Бу маннык куоластааһыҥҥа кырдьык дьон үлэтэ сыаналаммат, дьиҥ бастыҥ үлэ хаалан хаалар. Ону кытта дьон кыттар баҕата кэхтэр, кэлэйэр. Ити барыта тэрийээччилэр бэйэ­лэрин үлэлэрин чэпчэтээри, эппиэтинэһи дьоҥҥо сүктэрэл­лэриттэн диэххэ сөбө дуу? Маннык күрэстэр инникилэрэ суох. Кыттааччы элбиэҕинээҕэр, сырыы аайы аҕыйаан иһэр.

Наталья Иванова, психолог:

– Мин сыыһа дии саныыбын. “Бастыҥ учуутал”, “Бастыҥ быраас” курдук күрэстэр хас киһи “лайк” туруорбутунан буолуо суохтаах. Баҕар, кыра күрэхтэһиилээх, “Бастыҥ бүлүү­дэ”, “Бастыҥ киэргэтии” курдук күрэстэргэ буоллун даҕаны.

Мария Федорова, миэдик:

– Оннук буолар дии, үчүгэй үлэлээх киһи куолаһа аҕы­йах буолан, кэнники миэстэҕэ тэбиллэр. Хартыына, үҥкүү, хоһоон, бэйэ оҥорбут үлэтэ – куоластааҥ диэн көрдөһүүлэр кэлээччилэр. Бу киһи хайаан да кыайыа дии санаабытыҥ, олох атын, мөлтөх үлэ кыайыылаах тахсааччы. Мин санаабар, сыыһа.

Сардаана Корякина, пуонда үлэһитэ:

– Мин сөп дии саныыбын. Төһөнөн элбэх билэр дьонноох­хун да, соччонон инники күөҥҥэ киирсэр кыаҕыҥ үр­дүүр.

Анисья Иевлева, суруналыыс:

Мин хаһыакка да, бибилэтиэкэҕэ да үлэлиирбэр наар куонкурустары тэрийээччибин. Ол сыала-соруга – ааҕаач­чыны элбэтии, иккиһинэн, бу ыытыллар куонкурус айымньыны суруйууга, эбэтэр, дьоҕуру арыйарга туһуланар. Үсүһүнэн, хаһыаты, бибилэтиэкэни дьоҥҥо билиһиннэрэр сыаллаах ыытыллар. Оттон социальнай ситимнэр сурутаач­чыларын элбэтээри куоластаталлар. Тэрийэр киһи би­­риис бөҕөтүн булар уонна дьоҥҥо туох эрэ туһалааҕы оҥорор.

Ол иһин, маннык гынар табыгастаах дии саныыбын: кыттааччы кыаҕын, дьоҕурун дьиҥнээхтик, туох баар ирдэбилинэн сыаналыырга дьүүллүүр сүбэ үлэлиэхтээх. Ону таһынан, эн ааҕааччыгын, сурутааччыгын элбэтиэххин баҕардаххына, дьэ, куоластааһыны ыытыаххын сөп. Манна ким көхтөөх, элбэх доҕордоох, киэҥ аймахтаах, аптарытыаттаах кыайар. Оннук гынан, тэрилтэҥ туһунан элбэх киһи билэр. Биллэн турар, тэрийээччи да тугу эрэ сүүйүөхтээх, тутан хаалыахтаах буоллаҕа.

Билиҥҥи интэриниэт үйэтигэр онлайн-куоластааһын элбээтэ, билэр-билбэт киһиҥ бу оҕоҕо, бу аймахпар куоластаа диэн көрдөһөр. Онуоха нэһилиэнньэ да хал буолан, сылайа быһыытыйда быһыылаах. Арыйан көрөөччүтэ аҕы­йаҕа буолуо, тоҕо диэтэр, үгүстэр түөкүттэртэн куттаналлар. Түөкүттэр киһи тус дааннайдарын билэн кэбиһиэхтэрин сөп. Аны элбэх регистрацияны ааһалларын сүрэҕэл­дьииллэр. Кыттааччы кыайарыгар интэриэстээх дьон элбэхтэр, олор куоластыахтарын сөп буоллаҕа дии. Киһи дьоҕура сыаналаммакка хаалара – ити барыта тэрийээччиттэн тутулук­таах. Кини күрэһэ таһымнаах буолуон баҕарар буоллаҕына, ити өрүттэри учуоттуон наада.

Татьяна Ефимова, бибилэтиэкэр:

Ханнык баҕарар күрэс быраабылалаах уонна кыайбыттаах буолар. Ол эрэн, мин санаабар, куоластааһынынан кыа­йыылааҕы быһаарар сөбө суох. Куонкуруска сыһыана суох дьон хайдах куоластыахтарын сөбүй? Элбэх суру­тааччылаах, билэр дьонноох блогер элбэх куолаһы хомуйара биллэн турар. Мин тус санаабар, куоластааһыҥҥа кыайыылааҕы быһаарар хамыыһыйа, анал идэлээх, уопуттаах эспиэрдэр үлэлиэхтээхтэр.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: