Бастыҥ иитээччи Рустам Седых
Рустам Седых Амма сэлиэнньэтин “Хатыҥчаана” уһуйааҥҥа оҕону эт-хаан өттүнэн эрчийэр. 2023 с. “Мин педагогпун” диэн уһуйааҥҥа үлэлиир эр дьон күрэхтэһиитигэр бастакы миэстэни ылбыта.
-Уһуйааҥҥа үлэлиир эр дьон элбэхпит, — диир Рустам Сергеевич. – Мин бу эйгэҕэ үлэлээбитим хайыы-үйэ ахсыс сылыгар барда. Бэйэм икки оҕо аҕатабын, онон оҕону хайдах табыгастаахтык эт-хаан өттүнэн эрчийиэххэ сөбүй диэн толкуйдаан, саха төрүт ооонньууларын киллэрбитим. Ордук улуу тириэньэр Дмитрий Коркин тустуук уолаттары эрчийбит тренажердарын сэргээбитим.
Рустам Седых быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл бастыҥ иитээччитэ” күрэх кыайыылааҕа буолан, Казань куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Төрөөбүт тыл уонна литература бастыҥ учуутала” күрэх иһинэн уһуйаан бастыҥ иитээччилэрин көрүүгэ Саха сирин аатын көмүскээтэ. 33 киһи иһигэр улахан куонкуруһу ааһан, дойду 15 бастыҥ иитээччитин иһигэр киирэн, лауреат үрдүк аатын ылла.
Эмма Давыдова, Амма улууһун үөрэх управлениетын оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин кылаабынай исписэлииһэ:
-Рустам Сергеевиһы биһиги олус үлэһит, эппиэтинэстээх иитээччи быһыытынан билэбит, сыаналыыбыт. Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ, оҕолор, төрөппүттэр кинини наһаа сөбүлүүллэр. Бу ааспыт күрэххэ биһиги эрэ буолбатах, бүтүн өрөспүүбүлүкэ эрэлин толорон, лауреат буолан кэлэн барыбытын үөртэ. Кэскиллээх педагогпутун Рустам Сергеевиһы идэлээх күнүнэн уонна кыайыытынан эҕэрдэлиибит!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: