Бастыҥ спортсменнар «Өрөгөй» кииҥҥэ VIP-хостоннулар
02.11.2024, 10:45
Хаартыска: "Триумф" пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:
Дьокуускайга баар «Өрөгөй» успуорт комплексыгар Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын үрдүк көрдөрүүлээх спортсменнарыгар анаан VIP-хос аһылынна. Бу туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бастыҥ спортсменнар кэккэлэрэ сыллата хаҥаан иһэр. Билигин көрүллүбүт хоско 16 миэстэни ааттаах-суоллаах спортсменнар — Василий Егоров, Виктор Рассадин, Лев Павлов, Михаил Иванов, Валерий Чемпосов, Арыйан Тютрин уо.д.а. үллэһиннилэр.
«Бу миэстэни оҥорорго спортсменнар санааларын тутустубут, бары өртүнэн тупсаҕай буоларыгар кыһанныбыт. Спортсменнар кэккэлэрэ кэҥээн иһиэҕэ. Бастыҥ спортсменнар хосторо эдэр иитиллээччилэрбит ситиһиилэргэ дьулуһуулаах буолалларыгар биир көҕүлүүр күүһүнэн буоллун», — диэн киин дириэктэрэ Михаил Пахомов иһитиннэрэр.
+1
2
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: