Бастыҥ тириэньэрдэргэ уонна учууталларга 100 тыһ. солк. суумалаах Ил Дархан бириэмийэтин туттардылар

Бастыҥ тириэньэрдэргэ уонна учууталларга 100 тыһ. солк. суумалаах Ил Дархан бириэмийэтин туттардылар

10.06.2024, 22:51
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

“Спортивные якутяне” үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадалара түмүктэннэ. Эрдэ биллэрбиттэрин курдук, тэрээһин сабыллыытыгар, спартакиада 29 көрүҥэр барытыгар бастыҥ тириэньэрдэргэ уонна физкултуура учууталларыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга 100 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээттэри туттардылар. 

12 сыл устата гиирэҕэ уопсастыбаннай тириэньэринэн үлэлээбит, 2022 сылтан хамнастаах үлэһит быһыытынан Тааттаҕа улахан дьону, оҕолору дьарыктыыр, Таатта улууһугар гиирэ успуордун тириэньэрэ Иннокентий Бояров:

— “Спортивные якутяне” күрэхтэһиигэ гиирэҕэ намнартан үс ахсаанынан хаалан иккис буоллубут, хаҥалас үһүс миэстэлэннилэр. 11 ыйааһынтан сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ тоҕус путевканы ылбыппыт. Эвелина Антоева (58 кг), Оля Барбахсытова (63 кг) бастаатылар, Нарыйаана Степанова (68 кг) иккис, Артур Большаков (85 кг үөһэ ыйааһыҥҥа) үһүс миэстэлэннилэр. Ону таһынан төрдүс-алтыс миэстэлээхтэр бааллар.

Спартакиада чэрчитинэн көрүҥнэринэн бастыҥ тириэньэрдэри быһааран, бу курдук бириэмийэ олохтообуттара олус үчүгэй. Бириэмийэ тириэньэрдэр инники үлэлэригэр көҕүлүүр күүс буолара саарбахтаммат. Мин 12 сыл устата хамнаһа суох уопсастыбаннай тириэньэр быһыытынан үлэлээбиппин Үрдүкү Айыылар көрдүлэр дии саныыбын.

Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ ыстараап очукуолаах иккис буолбуппут, ол иннинэ хамаанданан иккитэ бастаабыппыт, иккитэ үһүс миэстэ буолбуппут. Онон бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьабыт.

Түгэнинэн туһанан гиирэ успуордугар тус тириэньэрбэр, Саха сирин үтүөлээх үрдүкү тириэньэригэр Василий Николаевич Дьячковскайга махтанабын, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Ил Дархан бириэмийэтин аан бастакынан туппут 31 бастыҥ тириэньэр, учуутал:

1. Бадминтоҥҥа — Надежда Батьянова (Дьааҥы улууһа),

2. Баскетболга уолаттарга – Степан Григоращук (Нерюнгри улууһа),

3. Баскетболга кыргыттарга – Руслан Проскуренко (Нерюнгри улууһа),

4. Греко-римскай тустууга – Матвей Матвеев (Дьокуускай),

5. Дзюдоҕа – Дмитрий Поварич (Дьокуускай),

6. Киберуспуорка – Владимир Семенов (Нам улууһа),

7. Кикбоксиҥҥа – Дмитрий Черноградскай (Нам улууһа),

8. Хайыһарга – Петр Тайшин (Алдан улууһа),

9. Мини-футболга – Прокопий Федоров (Дьокуускай),

10. ГТО многоборьетыгар – Семен Килбясов (Амма улууһа),

11. Остуол оонньууларыгар (хабылык, хаамыска) – Надежда Белолюбская (Дьокуускай),

12. Остуол тиэнньиһигэр — Василий Румянцев (Дьокуускай),

13. Буулдьанан ытыыга – Александр Николаев (Сунтаар улууһа),

14. Самбоҕа – Толибшо Ерамейнов (Алдан улууһа),

15. Хотугу многоборьеҕа – Раиса Григорьева (Дьааҥы улууһа),

16. Спортивнай ориентированиеҕа – Оксана Назарова (Дьокуускай),

17. Оскуола спортивнай кулууптарын успуорка оонньууларыгар – Татьяна Крылова (Дьокуускай),

18. Теория куонкуруһугар – Сардана Колосова (Нам улууһа),

19. Хапсаҕайга – Михаил Егоров (Үөһээ Бүлүү улууһа),

20. Сахалыы ыстаныыларга – Тимофей Слепцов (Дьокуускай),

21. Чэпчэки атлетикаҕа (доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго) – Василий Оленов (Дьокуускай),

22. Буоксаҕа – Анатолий Пилевин (Нерюнгри улууһа),

23. Волейболга уолаттарга – Айсен Жерготов (Нам улууһа),

24. Волейболга кыргыттарга – Саргылана Оконешникова (Чурапчы улууһа),

25. Көҥүл тустууга – Николай Яковлев (Дьокуускай),

26. Гиирэ успуордугар – Иннокентий Бояров (Таатта улууһа),

27. Чэпчэки атлетикаҕа – Петр Нечаев (Дьокуускай),

28. Мас тардыһыытыгар – Дмитрий Устинов (Мэҥэ Хаҥалас),

29. Оҕунан ытыыга – Павел Алексеев-Стасов (Хаҥалас улууһа),

30. Саахымакка – Роман Ганжуров (Дьокуускай),

31. Дуобакка – Иван Павлов (Дьокуускай).

Санатан эттэххэ, “Спортивные якутяне” күрэхтэһии хас да сыл тохтуу сылдьан баран, былырыыҥҥыттан Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн сөргүтүллүбүтэ. Оҕо этин-сиинин, өйүн-билиитин тэҥҥэ дьүөрэлээн сайыннарар булгуччулаах диэн исписэлиистэр номнуо быһааран тураллар. Мантан бүтүн омук доруобуйата тутулуктаах, оҕону хамсатар күүс тириэньэр, учуутал эрэ буолар. Салгыы өссө элбэх оҕо эти-хааны эрчийиинэн дьарыктанара саарбахтаммат.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: