Бастыҥ уһуйааччы-педагогтарга Ил Дархан бириэмийэтэ туттарылынна

Share

Учуутал күнүн көрсө, алтынньы 4  күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев бастыҥ уһуйааччы-педагогтарга судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда. Аһаҕас куоластааһын түмүгүнэн 36 киһи бириэмийэни ылла.

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар үөрэх үлэһиттэрин сүдү кылааттарын бэлиэтээтэ, үүнэр көлүөнэни иитиигэ кинилэр оруолларын тоһоҕолоон эттэ.

«Бүгүн бу саалаҕа үлэлэригэр үрдүк ситиһиилээхтэр муһуннулар. Эһиги хас биирдиигит Арассыыйа үөрэҕириитин бастыҥ үгэстэрин тутуһар. Хас биирдиигит билиини-көрүүнү тиэрдэр, үтүө сыаннастары сырдатар ураты күүстээх. Бу уустук кэмҥэ, ити ордук улахан суолталаах. Эһиги оҕолорго бары өттүнэн сайдыылаах, көмүскэллээх буолалларыгар кыһамньыгытын уураҕыт», — диэтэ Айсен Николаев.

Бастыҥ уһуйааччы-педагогтар ортолоругар — Мииринэй улууһуттан Удачнайтан 24 №-дээх оскуола нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Виктория Смыслова баар.

«Учууталлар үлэлэрин сыаналаабыккытыгар улаханнык долгуйан, үөрэн туран ис сүрэхпиттэн махтанабын. Уһуйааччы — бу идэтин баһылаабыт үтүө майгылаах, истиҥ санаалаах педагог. Саамай сүрүнэ, кини үлэтин саҥа саҕалаан эрэр педагогтары кытта үөрүйэҕин атастаһарга бэлэм буолар», — диэтэ кини.

Бириэмийэни ылбыттар ортолоругар, Муома улууһуттан Н.С.Тарабукин аатынан Улахан Чыыстай орто оскуолатын алын сүһүөх кылааска учуутала Алена Афанасьева баар:

«Маннык үрдүк наҕаараадаҕа тиксибиппиттэн улаханнык үөрдүм. Выпускниктарбар, үөрэнээччилэрбэр, кэллиэгэлэрбэр уонна миэхэ куоластаабыт дьоҥҥо барыларыгар махтанабын. Мин 1986  сыллаахтан үөрэммит оскуолабар учууталлыы сылдьабын. Тэриллибитэ 110  сылын  туолбут Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх педагогическай училищены бүтэрбитим. Биһиги дьиэ кэргэммитигэр уон киһиттэн алтата учууталбыт. Аҕабыт Николай Кириллович Черемкин суолун батыстыбыт. Оскуолабытыгар эдэр педагогтары кытта үлэ ыытыллар, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр идэни таларга үлэ тиһиктээхтик салҕанар. Хоту эдэр учууталлар үлэлии кэлиэхтэрин баҕарабыт. Биһиги кэлэктииппит наһаа иллээх», — диэн эттэ.

Маны сэргэ, бу күн Ил Дархан Михаил Андреевич Алексеев аатынан бириэмийэни, «СӨ үтүөлээх учуутала» уонна «СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ» бочуоттаах ааттары, СӨ Ил Дарханын кырааматаларын туттарда.

Санатар буоллахха, бастыҥ уһуйааччы-педагогтарга наҕараада 2023  сыллаахха, РФ Педагог уонна уһуйааччы сылыгар, олохтоммута. Күөн күрэс иккис сылын ыытылынна. Быйыл уопсастыбаннай куоластааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан уопсайа 120 учуутал кыттыбыта бэлиэтэнэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропуордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

5 минут ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

36 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

50 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

1 час ago