Ахсынньы 15 күнүгэр Ийэ сылын түмүгүн таһаардылар уонна бастыҥ ыаллары – “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылаахтарын чиэстээтилэр.
Саха АССР төрүттэммитэ төгүрүк 100 сылын туоларыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ийэ сылынан биллэрбитэ. Ийэлэргэ, ийэ буолууга, элбэх оҕолонууга көмөнү оҥорор, уопсастыба болҕомтотун тардар сыаллаах-соруктаах. Дьэ, бу сыл устата туох көмө оҥоһулунна, ханнык миэрэ ылылынна?
Ийэ сылыгар сокуоҥҥа да, көмө быһыытынан да кэккэ миэрэлэр ылыллыбыттара. Оҕолоох ыалларга бэриллэр көмө үбүлээһинэ 12 төгүл улааппыта. Оҕону иитэр төрөппүттэр ылар босуобуйалара икки төгүл улаатта. Элбэх оҕолоох ыаллар култуура, успуорт тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар чэпчэтиинэн туһанар буоллулар. Социальнай хантыраах суумата 250 тыһыынчаҕа диэри улаатта. Кэлэр сылтан Дьокуускайга Дьиэ кэргэттэргэ социальнай көмө киинин тутуу саҕаланыа.
Биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарар бырагыраама кэҥээтэ. Ил Дархан иһинэн Төрөппүт сэбиэтэ тэрилиннэ. Ону тэҥэ, быйыл Төрөппүттэр пуорумнара ыытыллыбыта. 1500 тахса кыттааччылаах Дьиэ кэргэн бэстибээлэ көхтөөхтүк буолан ааспыта.
Ийэ сылыгар дьахтар доруобуйатыгар болҕомто уурулунна. 93 тыһыынчаттан тахса дьахтар доруобуйатын көрдөрүннэ. 7,5 тыһыынча дьахтарга үлэ буларга көмөлөстүлэр. Тыһыынчаттан тахса дьахтар көмө ылан, бэйэ дьыалатын арынар кыахтанна. 10 тыһыынчаттан тахса оҕо төрөөн, быйыл олохтоммут “100 сыл оҕолоро” хапытаалын туттулар. Ийэ искибиэрдэрэ, болуоссаттар сөргүтүлүннүлэр, өрөмүөннэннилэр. Ийэ туһунан кинигэлэри, киинэлэри таһаардылар. Онон, Ийэ сылыгар барыта 2 тыһыынчаттан тахса тэрээһин ыытылынна.
Бу күн бастыҥ ыаллары бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников кэлэн эҕэрдэлээтэ уонна судаарыстыбаннай наҕараадалары туттартаата. “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн Сунтаар улууһун Арыылааҕыттан 10 оҕону төрөппүт Светлана Иванова наҕараадаланна. Оттон “Ийэ Албан аата” III истиэпэннээх мэтээли Хаҥалас Улахан Ааныттан Анжелика Аркадьева уонна Өлүөхүмэ Дабааныттан Мария Сафонова туттулар.
“Сыл бастыҥ ыала-2022” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус 5 номинациятын кыайыылаахтарыгар Ил Дархан бириэмийэтин – 300 тыһыынча солкуобайы туттардылар. Ол курдук, “Бастыҥ эдэр ыал” – 4 оҕолоох Айталина, Дмитрий Петровтар (Дьокуускай), “Элбэх оҕолоох ыал” – 6 оҕолоох Игнатьевтар (Мэҥэ Хаҥалас), “Оҕону иитэр ыал” – 19 оҕону иитэр Татьяна, Николай Петровтар (Өлөөн), “Тыа сирин бастыҥ ыала” – Марина, Спиридон Федоровтар (Мэҥэ Хаҥалас), “Бастыҥ көс ыал” – Юмшановтар-Колесовтар (Эбээн Бытантай), “Үгэстэри илдьэ сылдьар ыал” – Александра, Дмитрий Егоровтар (Амма), “Кыһыл көмүс ыал” – 52 сыл бииргэ олорбут, 8 оҕолоох Светлана, Петр Горбунковтар (Өлүөхүмэ) чиэстэннилэр.
Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова эппитинэн, бу коункурус бастаан муниципальнай таһымҥа, онтон улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар. Быйыл 108 ыал кыттыбыт. Кини “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ-2022” Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус “Үгэстэри илдьэ сылдьар ыал” номинациятын кыайыылаахтарыгар Светлана, Василий Дьячковскайдарга (Чурапчы) туттарда. Дьячковскайдар Арассыыйа “Бочуотун кинигэтигэр-2022” киллэрбиттэр.
Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, демографическай бэлиитикэ сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит, бастыҥ үлэлээх улуустар дьаһалталарыгар наҕараадалары туттарда. 1-кы миэстэлээх Ньурба улууһугар – 100 тыһыынча солкуобайы, 2-с миэстэлээх Дьокуускай куоракка – 80 тыһыынча солкуобайы, 3-с миэстэлээх Эдьигээн улууһугар – 60 тыһыынча солкуобайы туттарда.
Бастыҥ ыаллар оҕолорун, сиэннэрин илдьэ сыанаҕа тахсан, ыллаан, үҥкүүлээн, һээдьэлээн бу тэрээһини олус киэргэттилэр. Фойеҕа дьиэ кэргэннэрин туһунан кэпсиир быыстапканы туруоран, кэлбит ыалдьыттары мааны аһынан күндүлээн, саха ыалын үтүө үгэһин көрдөрдүлэр.
ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…
Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…
Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…
"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…
Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…
Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…