Ырыаны толорбут бастыҥ дьиэ кэргэҥҥэ 1 мөлүйүөн солкуобайы туттарыахтара
Арассыыйаҕа «Вместе. Музыкальная семья года по версии «Родников» куонкуруска сайаапкалары ылыы салҕанар.
Бырайыак Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар патриотическай ырыаны-тойугу дьиэ кэргэнинэн толорууга ананар.
Сайаапкалары ыам ыйын 31 күнүгэр диэри туталлар. Ирдэбил быһыытынан, 7 мүнүүтэлээх кыра видеону дьиэ кэргэн туһунан устуоруйатын кэпсиир-ипсиир уонна муусука айымньытын дьиэ кэргэнинэн толорон ыытыахха наада. Киинэ жанра хайдах баҕарар буолуон сөп.
Дьүүллүүр сүбэ бэс ыйын 1-15 күннэригэр 7 бастыҥ киинэни талыаҕа уонна бэс ыйын 16 күнүгэр «Родники» саайка таһаарыаҕа.
Күрэх финала от ыйын 8 күнүгэр Москваҕа ыытыллыаҕа. 7 бастыҥ дьиэ кэргэттэр талыллан, онлайн кэнсиэр кыттыылаахтара буолуохтара. Оттон дьүүллүүр сүбэ муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыаҕа.
Сайаапканы куонкурус официальнай сайтыгар биэриэххэ сөп https://xn--d1aiahnen.xn--d1acj3b/
Куонкуруска дойду айар династиялара бары кыттыахтарын сөп. Кыайыылаахтар бириис суумата биир мөлүйүөн солкуобай! Ону сэргэ бырайыак эко-тиһигин нөҥүө дойду үрдүнэн бэйэлэрин туһунан кэпсиэхтэрэ.
Уус-уран салайааччы уонна бырайыак идиэйэтин айааччы — дойду биир саамай таптыыр норуот артыыстарыттан биирдэстэрэ Олег Газманов буолар. Кини бу бырайыагы хас да сыл анараа өттүгэр, Дьиэ кэргэн сыла биллэриллиэн иннинэ, толкуйдаабыта биллэр. Билигин эко-тиһик хаһааҥҥытааҕар да наадалаах буолла.
«Биһиги Бэрэсидьиэммит 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Оттон биһиги бары „родниковскай“ ыалларбыт – айар талааннаах дьон. Ким эрэ ырыа айар, ким эрэ хоһоон суруйар, ким эрэ оҕолорун, сиэннэрин, дьиэ кэргэнин кытта гитаранан ыллыыр. Бу барыта хас биирдии киһи бэйэтин дьиэ кэргэниттэн, тулалыыр эйгэтиттэн, сылаас тапталыттан уонна санаатыттан тутулуктаах. Онон, бу дьиэ кэргэн муусукаҕа устуоруйалара олус интэриэһинэйдэр уонна кэрэхсэбиллээхтэр. Биһиги саамай кэрэ уонна бастыҥ дьиэ кэргэни талыахпыт», — диэн бэлиэтиир Олег Газманов.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: