Салгыы
Бастыҥ юристар Михаил Федоров аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни тутуохтара

Бастыҥ юристар Михаил Федоров аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни тутуохтара

30.09.2024, 13:00
sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр юриспруденция салаатыгар Михаил Федоров аатынан өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай бириэмийэтигэр хандьытааттары киллэрии саҕаламмытын туһунан иһитиннэрдилэр.

Судаарыстыбаннай бириэмийэни гражданнар бырааптарын, көҥүллэрин уонна сокуонунан интэриэстэрин харыстааһыҥҥа, уопсастыбаҕа быраап култууратын үрдэтиигэ, юридическай науканы сайыннарыыга уонна үрдүк таһымнаах каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, ону сэргэ  быраактыка эйгэтигэр  социальнай суолталаах үлэлэрин иһин бастыҥ юристар ылыахтара.

Хандьытааттары  тэрийэр-быраап көрүҥүттэн тутулуга суох үлэ кэлэктииптэрэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, наука тэрилтэлэрин учуонайдарын сэбиэттэрэ уонна үрдүк үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ киллэрэллэр.

Судаарыстыбаннай бириэмийэ биирдиилээн киһиэхэ уонна кэлэктиипкэ ананыан сөп, биир киһиэхэ (лауреакка) иккистээн бэриллибэт.

Докумуоннары тутар аадырыс:

677000, Дьокуускай куорат, Аммосов уул. 18., 418 кэбиниэт, төлөпүөн: 8 (4112) 506-376, 393-557.

Докумуоннары бэнидиэнньик-чэппиэр күннэргэ 9:00-17:00 чааска (12:30-14:00 тохтобул), бээтинэсэҕэ   09:00-13:00 чааска туталлар.

Докумуоннары тутуу болдьоҕо – сонуну киэҥник тарҕатар официальнай сириэстибэлэргэ биллэрии кэнниттэн 20 халандаарынай күн. Бу болдьох аастаҕына докумуоннары туппаттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: