“Бастыҥнар хамсааһыннара” ыччаты түмэргэ үлэлииллэр
2022 сылтан Арассыыйа үрдүнэн “Бастыҥнар хамсааһыннара” диэн оҕо-ыччат эйгэтигэр күүстээх хамсааһын саҕаламмыта. Бу хамсааһын аан бастакы отделениета ити сыл сэтинньитигэр Саха сиригэр тэриллибитэ. Былырыыҥҥыттан хас биирдии улууска исписэлиис тутан, олохтоохтук ылсан үлэлии сылдьаллар.
Куорат таһынааҕы оҕону чэбдигирдэр “Каландаришвили” лааҕырга бу тэрилтэ исписэлиистэрэ Айсен Дедюкин, Василий Васильев уонна Эльмира Апросимова бэйэлэрин тэрилтэлэрин, үлэлэрин оҕолорго оонньото-билиһиннэрэ аҕалбыттарын көрсө түстүбүт.
— Биһиги бу сайын устата куоракка баар хонуктаах лааҕырдары таһынан күнүскү лааҕырдары эмиэ хабан, “Ыстаансыйаларынан оонньууну” ыыта сылдьабыт, — диэн кэпсиир Айсен Дедюкин. — Хас биирдии 12 ыстаансыйа айар үлэттэн саҕалаан спортивнайга тиийэ биһиги үлэлиир хайысхаларбытын көрдөрөр. Оонньуу курдук барар буолан, оҕолор интэриэһиргииллэр, сөбүлүүллэр. Биһиги тэрилтэбитигэр 6 саастаах оҕоттон 18-гар диэри саастаах оҕо киирэр. Категорияларынан арахсан, араас тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Биһиги Дьокуускайдааҕы олохтоох салаабыт Ленин проспегын 7/2 №-гэр Оҕо киинин филиалыгар баар, түгэнинэн туһанан оҕолору “Бастыҥнар хамсааһыннарыгар” киириҥ, кыттыҥ, кыайыҥ, доҕоттордо булунуҥ диэн ыҥырабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: