Инженердэри Уһук Илиҥҥэ анаан бэлэмнииллэр

Инженердэри Уһук Илиҥҥэ анаан бэлэмнииллэр

04.10.2024, 14:00
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Алтынньы 3-4 күннэригэр Н.Э. Бауман аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай тиэхиньиичэскэй университекка “Москваҕа Уһук Илин эрэгийиэннэрин күннэрэ – 2024” интерактивнай быыстапкалыыр экспозиция буола турар.

Манна устудьуоннар Уһук Илин эрэгийиэннэригэр ханнык идэлэр наадалаахтарын, хамнас төһөтүн, туох вакансиялар баалларын билэллэр, эбиитин резюмеларын ыытыахтарын сөп. Ону таһынан үөрэхтэрин бүтэрэн баран, Уһук Илиҥҥэ үлэлии кэлиэхтэрин баҕарар выпускниктары туох кэскил иннилэригэр күүтэрин, ханнык социальнай бырагыраамалар, көмөлөр баалларын кэпсиир иһитиннэриилэр бааллар.

Быыстапка үлэтин туһунан Н.Э. Бауман аатынан МГТУ үөрэх чааһыгар проректора – бастакы проректор Борис Васильевич Падалкин санаатын үллэһиннэ: “Алтынньы саҕаланыыта Москва үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар буола турар тэрээһин көмөтүнэн Н.Э. Бауман аатынан МГТУ устудьуоннара Уһук Илин эрэгийиэннэрин көрдүлэр-иһиттилэр,  бэйэни сайыннарарга киэҥ кыах бэриллэрин биллилэр, идэлэринэн тугу ситиһиэххэ сөбүн көрдүлэр. Уһук Илиҥҥэ бырамыысыланнас көхтөөхтүк сайда турар, сабыс саҥа оборудованиеларынан хааччыллыбыт саҥа тэрилтэлэр үлэҕэ киирэллэр. Бу барыта эдэр инженердэр идэлэрин бары өттүнэн арыйалларыгар улахан кыаҕы биэрэр. Эрэнэбин, биһиэхэ үөрэммит бауманнар инженернэй билиилэрин Уһук Илин эрэгийиэннэрин сайыннарыыга туһаныахтара, идэлээх каадырдар тиийбэт салааларыгар – массыынаны оҥорууга, ньиэптэн оҥорон таһаарыыга, ойуур бырамыысыланнаһыгар, о.д.а. үлэлиэхтэрэ”.

Үгүс устудьуон Уһук Илини туристыы эрэ барар сир курдук көрбөт, инники олохторун, карьераларын кытта ситимнииллэр. “Мин Уһук Илиҥҥэ бара сылдьыахпын баҕарабын – онно айылҕата наһаа астык, баҕар көһөн тиийэн олоруохпун, үлэлиэхпин да сөп. Тоҕо кыаллыа суохтааҕый?”, — диир инженернэй биисинэс уонна менеджмент  факультетын устудьуона Анастасия Кобзева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: