Баянистар сойуустара тэрилиннэ

Share

Олунньу 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ айар дьоҕурдаах дьонугар өссө биир  үөрүүлээх, долгутулаах күн үүннэ.

Бу күн  өрөспүүбүлүкэ баянистара, аккордеонистара “СӨ баянистарын уонна аккордеонистарын өрөспүүбүлүкэтээҕи  сойууһа”  тэриллэр, регистрациянан бигэргэтиллэр  күнүн сибидиэтэллэрэ буоллулар.

Саха сирин араас улууһуттан уонна куораттарыттан кэлбит баянистары СӨ ырыа айааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Степан Васильев:

“Биһиги, ырыа айааччылар,  уонна баянистар сойуустара ыкса ситимнээхпит.  Кэнники сылларга фонограммаҕа үтүрүйтэрэн,  баянынан доҕуһуол кыратык намтаан ылла диэххэ сөп. Ол гынан баран,  кэлин “Истиий дуу, баяниым ырыатын” бырайыак олоххо киллэриллэн, дьон олус кэтэһэр буолла. Биллэн турар, саха ырыата баян доҕуһуола суох сайдыбат. Бырааппыт, биһиги сойууспут чилиэнэ  Алексей Потапов үгүс сылларга сыралаһан, бүгүҥҥү үөрүүлээх түгэҥҥэ тиийэн кэлбиппитигэр ис сүрэхтэн махтаныаҕыҥ!” – диэн эҕэрдэ тылын тириэртэ.

СӨ култууратын туйгуна, СӨ  мелодистарын сойууһун чилиэнэ, “Эйгэ” уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Алексей Потапов мустубут дьону:

“Инникитин даҕаны эһиги, хас биирдиигит, өйөбүлгүтүгэр эрэнэбит. Дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс ыра санаабыт туолла. Сойуус буоламмыт, устааптанныбыт, бэчээттэннибит, кылаабынайа, бүгүн хас биирдиигит  сойуус дастабырыанньатын уонна бочуоттаах бэлиэни тутуоххут” – диэн эҕэрдэлээтэ.

Саҥа сойуус чилиэннэрэ бүгүн бары  баян доҕуһуоллаах айар киэһэҕэ мустуохтара.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Өр сыллаах ыра санаа туолла

Ааптар түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago