Салгыы
Байыаннай сулууспалаахтар эрэгийиэн 122 “итии линиятын” нөҥүө авиабилиэттэрин уурдарыахтарын сөп

Байыаннай сулууспалаахтар эрэгийиэн 122 “итии линиятын” нөҥүө авиабилиэттэрин уурдарыахтарын сөп

23.08.2023, 12:58
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү брифиҥҥэ 122 “итии линия” салайааччыта Мария Винокурова үгүс байыананй сулууспалаахтар билигин уоппускаҕа кэлэллэринэн, авиабилиэти атыылаһыы боппуруоһа сытыытык турарын бэлиэтээтэ.

“Биһиги линиябыт нөҥүө эбэтэр Саха сирин Биир кэлим сүрүннүүр киинин (ЕКЦ) суһал нүөмэрдэринэн уоппускаҕа кэлэр эбэтэр төннөр байыаннай сулуспалаахха авиабилиэти уурдадар туһунан ыйытык хааллараргытыгар сүбэлиибит. Салалта уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыгын, Саха сирин тырааныспарка министиэристибэтин, “Якутия”, “Полярные авиалинии”, “АЛРОСА”  эрэгийэннээҕи авиахампаанньалар көҕүлээһиннэринэн,  бу боппуруостары суһаллык быһаарар кыалынна”, — диэтэ Мария Винокурова.

Кини этэринэн, Саха сиринээҕи сөмөлүөтүнэн тиэйээччилэр авиабилиэттэрин сыаналарынааҕар атын хампаанньалар сыаналара уратылаһар. “Маршруккут, көтөр күҥҥүт уонна ханнык докумуонунан билиэт атыылаһаргыт туһунан иһитиннэриини булгуччу этиэхтээххит. Ону тэҥэ уурдарбыт билиэккитин эппит кэмҥитигэр диэри ылыахтааххыт, ылбатаххытына бронь уһуллар уонна билиэккит “көҥүл атыыга” тахсар”, — диэтэ салайааччы.

Байыаннай дьайыы (СВО) боппуруостарынан өрөспүүбүлүкэтээҕи “итии линияҕа” 122 нүөмэргэ эрийэн баран, эбии 3 кунуопканы (хантараагынан байыаннай сулууспаҕа киириигэ), 4 кунуопканы (СВО боппуруоһунан) уонна 5 (дойдуларыттан барбыт дьоҥҥо көмө (беженец) туһунан иһитиннэрии) баттыыгыт.  Атын эрэгийиэннэртэн Саха сирин олохтоохторо маннык нүөмэринэн эрийиэхтэрин сөп : 8(4112) 510-122. Сулууспа суукканы эргиччи үлэлиир.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: