Салгыы
Бе-200 сөмөлүөттэр Сунтаар, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар көтөллөрө былааннанар

Бе-200 сөмөлүөттэр Сунтаар, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар көтөллөрө былааннанар

05.08.2024, 11:25
Хаартыска: ЫБММ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр баһаар уотун умулларарга  1500-тэн тахса баһаарынай уонна 139 тиэхиньикэ үлэлиир.

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 33 гаалаах сиргэ 8 саҥа баһаар турбута бэлиэтэннэ. Баһаарынайдар алта баһаары суох оҥордулар. Бу туһунан атырдьах ыйын 5 күнүгэр эрэгийиэн экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев суһал ыстаап брифинин кэмигэр иһитиннэрбитин туһунан СИА суруйар.

Баһаардар Алдан, Нерюнгри, Уус Маайа улуустарын  сирдэригэр-уоттарыгар бохсулуннулар. Атырдьах ыйын 5 күнүн сарсыардатыгар ойуурга  67 баһаар уонна айылҕа ураты харыстанар сирдэригэр 3 ойуур баһаара баар. 15 муниципальнай тэриллиигэ баһаардар бааллара бэлиэтэнэр.

Үөһээ Бүлүү, Горнай, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар балаһыанньа уустук. Баһаары бопсорго 1500-тэн тахса баһаарынай уонна 139 тиэхиньикэ туруулаһаллар.

Бе-200 сөмөлүөттэр бүгүн Сунтаар уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар үлэлииллэрэ былааннанар. Ми-8 Горнай улууска үлэлиэн сөп.

«Баһаартан кутталлаах кэм саҕаланыаҕыттан барыта 2,2 мөлүйүөнтэн тахса  гаалаах сиргэ 829 ойуур баһаара бохсулунна. Билигин эрэгийиэннээҕи уонна  федеральнай таһымнаах  ыксаллаах быһыы-майгы   эрэһиимэ салҕанар. Алта улууска: Бүлүүгэ, Дьааҥыга, Үөһээ Бүлүүгэ, Горнайга, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга  муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ үлэлиир. Бэс ыйын 26 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баһаары утары охсуһар ураты эрэһиим киллэриллибитэ. Онон сибээстээн, нэһилиэнньэ тыаҕа сылдьарыгар хааччахтар киллэрилллибиттэрэ уонна аһаҕас уоту оттоллоро бобуллар”, — диэтэ Андрей Коноплев.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: