Хаартыска: ЫБММ пресс-сулууспата
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр баһаар уотун умулларарга 1500-тэн тахса баһаарынай уонна 139 тиэхиньикэ үлэлиир.
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 33 гаалаах сиргэ 8 саҥа баһаар турбута бэлиэтэннэ. Баһаарынайдар алта баһаары суох оҥордулар. Бу туһунан атырдьах ыйын 5 күнүгэр эрэгийиэн экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев суһал ыстаап брифинин кэмигэр иһитиннэрбитин туһунан СИА суруйар.
Баһаардар Алдан, Нерюнгри, Уус Маайа улуустарын сирдэригэр-уоттарыгар бохсулуннулар. Атырдьах ыйын 5 күнүн сарсыардатыгар ойуурга 67 баһаар уонна айылҕа ураты харыстанар сирдэригэр 3 ойуур баһаара баар. 15 муниципальнай тэриллиигэ баһаардар бааллара бэлиэтэнэр.
Үөһээ Бүлүү, Горнай, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар балаһыанньа уустук. Баһаары бопсорго 1500-тэн тахса баһаарынай уонна 139 тиэхиньикэ туруулаһаллар.
Бе-200 сөмөлүөттэр бүгүн Сунтаар уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар үлэлииллэрэ былааннанар. Ми-8 Горнай улууска үлэлиэн сөп.
«Баһаартан кутталлаах кэм саҕаланыаҕыттан барыта 2,2 мөлүйүөнтэн тахса гаалаах сиргэ 829 ойуур баһаара бохсулунна. Билигин эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ салҕанар. Алта улууска: Бүлүүгэ, Дьааҥыга, Үөһээ Бүлүүгэ, Горнайга, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ үлэлиир. Бэс ыйын 26 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баһаары утары охсуһар ураты эрэһиим киллэриллибитэ. Онон сибээстээн, нэһилиэнньэ тыаҕа сылдьарыгар хааччахтар киллэрилллибиттэрэ уонна аһаҕас уоту оттоллоро бобуллар”, — диэтэ Андрей Коноплев.
Владимир Путины 2026 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Жатай бөһүөлэгэр «Кэлэр кэм туочуката» үөрэх кластерын…
“Саха “НКИК суруналыыһа Олег Колесов Норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар дойду норуоттарын өйүүр миэрэлэр тустарынан ыйытыытыгар хоруйдууругар…
Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Татыйаас Филиппова «Дойду» диэн ааттаах фотопоэзиятын персональнай быыстапка, «Үргэл» арт-галереяҕа аһылынна.…
Түмэл иитэр-үөрэтэр үлэҕэ музейнай педагогика диэн улахан суолталаах эйгэ буолар. Бу, оҕо экспонат көмөтүнэн устуоруйаны…
Саха сиригэр уот тарыыба социальнай тэрилтэлэргэ эмискэ улааппытын, онон саахал тахсар куттала баарын туһунан Саха…
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин – быһа эпиирин…