Бэчээт үлэһиттэригэр аналлаах “Тирэх тылдьыты” таһаардылар

Share

Аныгы кэмҥэ омуктан киирэр, туттуллар тыл үгүс. Сороҕор саха тылыгар баар даҕаны тыллары сабырыйар, онтон сиэттэрэн төрөөбүт тылбыт умнууга хаалар түгэннэрдээх. “Сахабэчээт” тэрилтэ маны биир сүрүннээри, бэчээт үлэһиттэригэр аналлаах “Тирэх тылдьыты” таһаарда.

Хаартыска: Людмила Попова.

Тылдьыкка сахалыы хаһыаттарга үгүстүк көстөр 496 нууччалыы тыллар тылбаастара, солбук тыллара түмүллүбүттэр.

Кинигэни хомуйан оҥорбут Анна Прудецкая: “Сахабэчээт” иһинэн улуус уонна “Арчы” хаһыаттар, “Чолбон”, “Полярная звезда”, “Дабар Хотун” сурунааллар, “Улуус медиа” саайт бааллар, элбэх ахсааннаах үлэһиттээхпит. Быйыл сайын элбэх хаһыаты ырытан көрөн баран, ыстатыйаны суруйууга олус элбэх киирии тыл туттулларын бэлиэтии көрдүм. Аны ону суруйуубут араастаһар – ким эрэ бэйэтинэн ыытар, ким эрэ сахатытар. Бары биир “Сахабэчээт” тэрилтэ үлэһиттэрэ буоларбыт быһыытынан, тыллары бары биирдик суруйуохтаахпыт диэн толкуйтан бу тылдьыт күн сирин көрдө. Сорох тыллары сахалыы дорҕооҥҥо сөп түбэһиннэрэн аһары сахатытартан туттуна түһэргэ сананныбыт. Тоҕо диэтэххэ, нууччаттан киирбит тыл сахалыы бэрт тиийимтиэ тылбааһа баарын үрдүнэн, сахатытан суруйар буоллулар. Холобур, “обязательный” диэн тылы “булгуччу” оннугар “эбэһээтэлинэй” диэн суруйар түгэннэрэ элбэх. Эмиэ ити курдук “интересоваться” диэн тылы “кэрэхсээ”, “сэҥээр”, “сэргээ” оннугар “интэриэһинэй” эбэтэр “бырдах” оннугар элбэхтик “кумаар” диэн саҥарар буоллулар. Биһиги ити курдук түгэннэртэн туоруурга дьулуһабыт. Биллэн турар, тылдьыты бэлэмниэхпит иннинэ үлэһиттэрбит ортотугар ыйытык ыыппыппыт. “Бизнес”, “регион”, “Россия”, “сквер” курдук сорох тыллары нууччалыы барыйаанынан таһаардыбыт”, — диэн кылгастык санаатын үллэһиннэ.

Хаартыска: Людмила Попова.

Тылдьыт 500 ахсаанынан  тахсыбыт. Эрэдээксийэлиир хамыыһыйаҕа Г.Г. Андросов, В.И. Бочонина, М.В. Гольдерова, В.С. Доллонов, Д.Н. Макеев, И.Г. Попова киирбиттэр. Кинигэ “2020-2024 сс. СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын, чөл хаалларыы уонна сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн тахсыбыт. “Сахабэчээт” тэрилтэ үлэһиттэригэр ананарын быһыытынан, атыыга тахсыбат диэн этэллэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

11 часов ago