Бэчинчэлэр Ньүүйэ устун айанныыллар
Чөл олоҕу өрө тутан, Ленскэй оройуонун Бэчинчэ нэһилиэгин олохтоохторо Ньүүйэ эбэ устун тыынан айанныыллар. Чамча нэһилиэгин олохтооҕо Жанна Афанасьева иһитиннэрбитинэн, Алексей Моякунов салалтатынан маннык тэрээһиннээхтик сайын ахсын айаны туппуттара 16-c сыла буолбут.
Быйылгы айаннарыгар Бэчинчэ нэһилиэгин баһылыга Ростислав Иннокентьевич Новгородов өйөбүлүнэн эбии икки тыы, тимирбэт сэлиэччиктэри ылыммыттар. Урукку сылларга кинилэр оскуола оҕолорун, нэһилиэк олохтоохторун илдьэллэр эбит. Бу сылдьалларын тухары балааккаларга хонон, кулуһун оттунан айылҕалыын алтыһаллар.
Алексей Моякунов кэргэнэ Светлана Николаевна Моякунова бу тэрээһиҥҥэ дьону хомуйан, информацияны тиэрдэр биир сүрүн киһинэн буолар. Быйыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр «Далбар хотун» уопсастыбаннай түмсүү кэрэ аҥаардарын илдьэ айаннаабыттар. Билигин туризм сайдыбыт кэмигэр дьон төрөөбүт дойдуларын мааны айылҕатын көрөр-истэр буолбуттара үөрдэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: