АЛРОСА 97,32 карааттаах ювелирнай алмааһыгар эбээн суруйааччыта, СӨ биллэр-көстөр судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Андрей Васильевич Кривошапкин аатын иҥэрдилэр. Бөдөҥ алмаас Саха сирин “Удачнай” сиртэн хостонор баайдаах сиригэр көстүбүт.
Санатан эттэххэ, Саха сирин биллиилээх дьонун аатын алмааска иҥэрии СӨ Ил Дархана уонна АЛРОСА “Саха АССР 100 сылыгар 100 ааттаах-суоллаах алмаас” кыттыгас бырайыактарын иитинэн барар.
Андрей Васильевич Кривошапкин – СӨ бочуоттаах олохтооҕо, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, СӨ Төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ, РФ Хоту, Сибиир уонна Уһук Илин уокурук аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциациятын вице-бэрэсидьиэнэ, социология билимин хандьыдаата, Хотугу пуорум академиятын чилиэнэ.
Андрей Васильевич Кривошапкин 1940 сыллаахха алтынньы 17 күнүгэр Эбээн Бытантай улууһун Сэбээн Күөл сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1970 сыллаахха А.И. Герцен аатынан Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай педагогическай институту бүтэрбитэ.
Университет кэнниттэн Сэбээн Күөл оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. 1975 сыллаахха РСФСР Үөрэҕириигэ министиэристибэтин национальнай оскуолаларын научнай-чинчийэр институтун Саха сиринээҕи филиалыгар алын научнай үлэһитинэн киирбитэ. 1977-1979 сс. “Кировскай” сопхуос парткомун сэкирэтээринэн, салгыы сопхуос Сэбээннээҕи салаатыгар управляющай дуоһунаһыгар үлэлээбитэ.
1980 с. Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтин инструкторынан анаммыта. 1981 сылтан инструктор дуоһунаһыгар, салгыы КПСС Саха сиринээҕи обкуомун салаатыгар сэбиэдиссэйи солбуйааччынан үлэлээбитэ. 1990 с. РСФСР норуотун дьокутаатынан талыллыбыта. РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин бастайааннай чилиэнинэн, ону тэҥэ, РФ Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохторун боппуруостарыгар хос кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ этэ. 1994 сылтан СӨ норуотун дьокутаатынан талыллыбыта. РФ Федеральнай Мунньаҕар СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ. 2008-2013 сс. СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта. Арктика уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар, айылҕа харыстабылын уонна олохтоох салайыныы боппуруостарын сүрүннээбитэ.
Андрей Васильевич Кривошапкин үлэтэ хотугу норуоттар олохторун чөлүгэр түһэриигэ, сайыннарыыга, тупсарыыга туһаайыллыбыта. Олоҕун уонна айар үлэтин төрөөбүт хотугу сиригэр анаата.
70-тан тахса кинигэ ааптара, олортон «Кочевье длиною в жизнь», «Снежные утесы», «Момский хребет» арамааннар, «Белая дорога», «Охотник Тормита» уо.д.а. сэһэннэр буолаллар. “Мир эвена”, “Священный олень” этнографическай сэһэннэрэ бэчээттэммиттэрэ. Ону тэҥэ, поэзия жанрыгар эмиэ суруйар. Хас даҕаны хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта.
2019 сыл бүтүүтэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев 100 бөдөҥ алмааска өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр дьонун аатын иҥэрэр туһунан этии көтөхпүтэ. Көҕүлээһини АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов өйөөбүтэ. Маҥнай 50 карааттан үөһэ ыйааһыннаах бөдөҥ күндү таастарга Саха сириттэн Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа буолбут дьон ааттарын иҥэрбиттэрэ. Быйылгы үбүлүөйдээх сылга “Саха сирин судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар 100 ааттаах-суоллаах алмаас” бырайыага түмүктүүр түһүмэххэ сылдьар. Тустаах түһүмэххэ бөдөҥ алмаастарга өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит биллэр-көстөр дьонун, Үлэ Социалистическай дьоруойдарын, уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэллэрин, айар уонна научнай интеллигенция бэрэстэбиитэллэрин, Саха сирин биллиилээх быраастарын, педагогтарын уонна спортсменнарын ааттарын иҥэрэллэр.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…
«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…
Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…
Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…
Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…
Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…