Салгыы
Бөдөҥ Бөскөө

Бөдөҥ Бөскөө

13.02.2023, 17:42
Хаартыскаҕа Клавдия Аянитова түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Хаартыска сыымайдыы олорон күтүр улахан оҕус хаартыскатын көмпүүтэрбэр булан «Ээ, бу били мин куттаммыт оҕуһум”, — диэн эмискэ өйдөөн кэллим. Бу хаартысканы көрө олорон уонча сыллааҕыта Таатта Туора Күөлүгэр Бөскөө диэн бөдөҥ атыыр оҕус баарын туһунан суруйуох санаам кэллэ.

Бу оҕуһу көрө-көрө үгүс киһи дьулайа саныыра. Ол курдук бөдөҥ-садаҥ, нэһилиэккэ суох улахан оҕус этэ. Аны оҕустары кытта харсыһаары кыыһыран айаатаатаҕына, көхсүн иһиттэн тахсар сүр кутталлаах мөҥүрээһин киһи этин сааһын арыйара. Мин биир сайын килиэп ылаары сатыы тыанан быһа түстүм. Бу иннинэ куруук икки көлүөһэлээх тимир көлөбөр мэҥэстэр бэйэм, ардаан, суол алдьанан быһыылааҕа, сатыылаабытым. Арай тыа быыһынан хааман истэхпинэ, син обургу мас тыалтан буолбакка, дьиктитик хамсыыр. Өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, улахан да улахан атыыр оҕус маска сиһин аалына турар эбит. Оччолооҕу көрөн баран сүүрүү-хаамыы икки ардынан бэкээринэбэр тэбинним. Төннөн кэлиибэр, оҕуһум хата суох буолбут этэ.

Бөскөө сэттэ сылы быһа бүтүн нэһилиэк экэниэмикэтигэр оруоллаах олорбута диэтэххэ, омуна суох буолуо. Сүүнэ оҕус этэ. Иччитэ киэһэ Бөскөөтө бөһүөлэги эргийэн кэлэрин кэтэһэн маныыр эбит. Сүөһүтүгэр кыһалҕатыйбыт киһи Бөскөөнү сиэтэн илдьэн далга хаайар эбит. Оннук сымнаҕас майгылаах Бөскөө арай көрүҥэ эрэ кутталлаах этэ. Бөскөө өлбүтэ үгүс ыалга биллибитэ. Аҕыс ынахтаах ыалтан икки-үс эрэ ыанньык хаалан, дэриэбинэ үүт туттарыытыгар харчыга оҕустарбыта. Бөскөө төрүөҕэ төрөлкөй, оҕолоро эмиэ бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээхтэрэ. Оҕус өлбүтүн кэннэ, аҥардас тоҥ этэ түөрт сэнтиниэр буолбут этэ. Биир бууту икки эр киһи нэһиилэ көтөҕөн тиэйбиттэр. Оҕус аҥаарын хас эмэ эр киһи буолан нэһиилэ көтөҕөн өндөтөллөр эрэ эбит. Оннук халыҥ эттээх-сииннээх сүүнэ оҕус этэ, Бөскөө. Оҕус барахсан этин атыыта оту урулуоннуур тиэхиньикэ буолбут. Бу Бөскөө диэн оҕус хаһаайына Клавдия Николаевна Аянитова – Айанньыт, ыты иитиинэн утумнаахтык дьарыктанар, Саха сирин кэрэ айылҕалаах сирдэринэн уһун айаннарга сылдьар суоппар дьахтар буолар. Клавдия Николаевна талааннаах фотограф. Айанныы сылдьан айылҕа кэрэтин, төрөөбүт дойдутун хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: