Хаартыска: PxHere
Күн аайы араас ис хоһоонноох сурахтар социальнай ситиминэн тарҕаналлар. Үөрүүлээх, хомолтолоох, сороҕор киһи куттанар да сонуннара. Ону барытын иилэ хабан ылан, хайаан да Саха сиригэр буолбут үһү диэн өйдөөччүлэр элбэхтэр.
Быйыл сайын хаһааҥҥытааҕар даҕаны тыатааҕы элбээбитэ дьиксиннэрэр. Онон быһыылаах, бүгүн ыты сиэн баран тайҕа хаһаайына хаан-сиин буолан, өлө сытар хаартыската Бэдьимэҕэ үһү диэн суруктаах тарҕанан дьону аймаата. Бу төһө оруннааҕын билээри Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Римма Поповаҕа эрийэн туоһуластыбыт.
— Бу биһиги Бэдьимэбитигэр буолбатах. Барыта этэҥҥэ. Ити хаартыска тарҕаммытын кэнниттэн Приморьеҕа диэн суруйбуттара кэлбитэ, — диэтэ Римма Попова.
Ол да буоллар, оттооһун, сир астааһын кэмигэр, ойуурга сэрэхтээх буолуҥ!
Сахабыт сирин араас улуустарыттан төрүттээх үлэһит дьон, кинилэр байыаннай дьайыыга ураты хорсун уонна дьоруойдуу быһыыны…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…
Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…