Хаартыска: PxHere
Күн аайы араас ис хоһоонноох сурахтар социальнай ситиминэн тарҕаналлар. Үөрүүлээх, хомолтолоох, сороҕор киһи куттанар да сонуннара. Ону барытын иилэ хабан ылан, хайаан да Саха сиригэр буолбут үһү диэн өйдөөччүлэр элбэхтэр.
Быйыл сайын хаһааҥҥытааҕар даҕаны тыатааҕы элбээбитэ дьиксиннэрэр. Онон быһыылаах, бүгүн ыты сиэн баран тайҕа хаһаайына хаан-сиин буолан, өлө сытар хаартыската Бэдьимэҕэ үһү диэн суруктаах тарҕанан дьону аймаата. Бу төһө оруннааҕын билээри Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Римма Поповаҕа эрийэн туоһуластыбыт.
— Бу биһиги Бэдьимэбитигэр буолбатах. Барыта этэҥҥэ. Ити хаартыска тарҕаммытын кэнниттэн Приморьеҕа диэн суруйбуттара кэлбитэ, — диэтэ Римма Попова.
Ол да буоллар, оттооһун, сир астааһын кэмигэр, ойуурга сэрэхтээх буолуҥ!
Быйыл ахсынньы 15 күнүгэр саха литературатын төрүттээччилэртэн эдэрдэрэ, сахалыы комедия жанрын олохтообут драматург, саха уонна…
Үүнэр сылга социальнай эйгэҕэ саҥа көмө миэрэлэрэ киириэхтэрэ уонна босуобуйалар, төлөбүрдэр суумалара индексацияланан, үрдүөҕэ. Тоҕо…
“Инникигэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи билим кэмпириэнсийэ-куонкурустара 1996 сылтан ыытыллар. Үбүлүөйдээх 30-с тэрээһин тохсунньу 12-14…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) уон алтыс ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна. Пленарнай мунньах ахсынньы…
Кыһын, ахсынньыттан олунньуга диэри, Саха сиригэр кыстыыр көтөрдөргө саамай ыарахан кэмнэр буолаллар эбит. Ол туһунан…
Ахсынньы 21 күнүгэр Саха сирин Тымныытын хаһаайына Чысхаан Москваҕа "Бастакы" ханаалга Саҥа дьыллааҕы “Поле чудес”…