Бэдьимэҕэ “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” быыстапка-күөрэх буолла
Мэҥэ Хаҥалас улууһун I Баатара нэһилиэгэр араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Онно нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттар.
— “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн нэһилиэкпит иһигэр оҕуруот аһын үүннэрэр кэрэ аҥардарбытыгар быыстапка-күрэх буолан ааста. Дьиэ кэргэнинэн быыстапкаҕа Сардаана Семеновна Игнатьева дьиэ кэргэнэ бастаата. “Быйаҥнаах тэлгэһэ” диэн хаартысканан күрэххэ 1 миэстэҕэ — Варвара Иннокентьевна Аргунова, 2 миэстэҕэ — Матрена Семеновна Филиппова, 3 миэстэҕэ — Мария Валерьевна Семенова тигистилэр. Александрия Егоровна Андросова, Евдокия Федотовна Ходулова көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Үөнү-көйүүрү, гербарийы кэллиэксийэлээбит Амин Афанасьев кыайыылаҕынан буолла. “Саамай-саамай ыйааһыннаах” күрэххэ кыттан, кабачок аҕалбыт Евдокия Федотовна Ходулова, моркуоп аҕалбыт — Сардаана Семеновна Игнатьева, оҕурсутунан кыттыбыт — Варвара Иннокентьевна Аргунова бэлэхтэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт кэрэ аҥардарбытыгар махтанабыт, — диэтэ I Баатара нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Римма Попова.
Санатан эттэххэ, муниципальнай таһымнаах быыбарга нэһилиэк инники сайдыытын туһугар куоластаабыт дьонтон 80,6 бырыһыан куоластарын ылан, Петр Васильевич Андросов 1-кы Баатара нэһилиэгэр Бэдьимэҕэ иккис болдьоҕор баһылыгынан талыллыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: