Салгыы
Бэдьимэҕэ “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” быыстапка-күөрэх буолла

Бэдьимэҕэ “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” быыстапка-күөрэх буолла

16.09.2024, 15:00
Хаартысканы: Р.Попова ыытта.
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун I Баатара нэһилиэгэр араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Онно нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттар.  

— “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн нэһилиэкпит иһигэр оҕуруот аһын үүннэрэр кэрэ аҥардарбытыгар быыстапка-күрэх буолан ааста. Дьиэ кэргэнинэн быыстапкаҕа Сардаана Семеновна Игнатьева дьиэ кэргэнэ бастаата. “Быйаҥнаах тэлгэһэ” диэн  хаартысканан күрэххэ 1 миэстэҕэ — Варвара Иннокентьевна Аргунова, 2 миэстэҕэ — Матрена Семеновна Филиппова, 3 миэстэҕэ —  Мария Валерьевна Семенова тигистилэр. Александрия Егоровна Андросова, Евдокия Федотовна Ходулова көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Үөнү-көйүүрү, гербарийы кэллиэксийэлээбит Амин Афанасьев кыайыылаҕынан буолла. “Саамай-саамай ыйааһыннаах” күрэххэ кыттан, кабачок аҕалбыт Евдокия Федотовна Ходулова, моркуоп аҕалбыт — Сардаана Семеновна Игнатьева, оҕурсутунан кыттыбыт — Варвара Иннокентьевна Аргунова бэлэхтэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт кэрэ аҥардарбытыгар махтанабыт, — диэтэ I Баатара нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Римма Попова.

Санатан эттэххэ, муниципальнай таһымнаах быыбарга нэһилиэк инники сайдыытын туһугар куоластаабыт дьонтон 80,6 бырыһыан куоластарын ылан, Петр Васильевич Андросов 1-кы Баатара нэһилиэгэр Бэдьимэҕэ иккис болдьоҕор баһылыгынан талыллыбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: